ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

түллэҥнээ

туохтуур

Нууччалыы сильно колыхаться, вздыматься

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Күүрэн өрө-таҥнары түллүтэлээ, өрүтэ үллэҥнээ (хол., долгун)

Нууччалыы Сильно колыхаться, вздыматься (напр., о волнах)

  • Энэлийэр, ытыыр киэҥ Днепр, Күүстээх силлиэ-тыал сирилиир, Сиргэ тиийэ талах иэҕэҥниир, Баһархай долгун түллэҥниир.
    И. Чаҕылҕан
  • Онтон арыы кутуругун эргийэн, өрүтэ түллэҥнии сытар үөскэ киирэн кэллилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Тохтуохча гына-гына сир иччилээхтик түллэҥниирэ
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
  • Күүрэн хамсаа, үллэҥнээ (хол., былчыҥы этэргэ). Θ Вздуваться-сокращаться, сжиматься (напр., о мышцах). Оҕонньор мүчүҥнүүр, омурда күөртүү түллэҥниир.
    С. Васильев
  • Аһылык маассата буһан истэҕин аайы куртах эркинэ түллэҥнээн кумуллуутугар куртахтан тахсан синньигэс оһоҕоско киирэн иһэр
    СИиТ

2 туохтуур #

Өҕүллэҥнээ, өҕүллэҥнии хамсаа

Нууччалыы Гнуться, пружиниться, изгибаться

  • Аар-лууп мас Төрүттүүн түллэҥнээтэ, Төбөлүүн түөрэҥнээтэ, Лаабычаан көмүс сэбирдэхтэрэ Иирэ-илибирии түстүлэр.
    П. Ойуунускай
  • Хотууру тумсунан маска тирээн баттыалаан көрүллэр, онуоха үчүгэй тимирдээх сытыы хотуур түллэҥнээччитэ суох
    СБХА
  • Өрө-таҥнары бүгүллэҥнээн сыҕарый, бүгүллэҥнээн мөҕүс (хол., сыылааччылары этэргэ). Θ Ползать, передвигаться, извиваясь всем телом, извиваться (напр., о пресмыкающихся). Моҕой кыылым мохсоҕолтон куттанан мөлбөрүс гынан түллэҥнии түстэ.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • Өлөртөн куотаары түллэҥнээн, Уол сордоох сир диэки мөҕүстэ.
    Эрилик Эристиин
  • Ардах чиэрбэтэ [иннэнэн таарыйдахха] араастаан түллэҥниэн, этин илин эрэ эбэтэр кэлин эрэ өттүн мунньары тардыан сөп.
    ББЕ З

3 туохтуур #

Өрүтэ уһуур (хол., уоту, буруону этэргэ)

Нууччалыы Стремительно подниматься, взмываться вверх (напр., о пламени, дыме)

  • Икки өттүлэриттэн буруо түллэҥниир, наһаа элбэх ыҥырыа көппүтүн курдук буулдьа тыаһа дыыгыныыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүүнэ улахан уоттар өрүтэ түллэҥнээн эрэллэрэ баара да, ханна да барбытын өйдөөмүнэ хаалбытым.
    П. Чуукаар
  • Сыл сыыллар аҥаара Сырдаабат халлааннаах, Түллэҥнии оргуйбут Түптэлэс тымныылаах
    И. Чаҕылҕан

4 туохтуур #

Улахан хамсааһыннаах, сүгүлээннээх буол (хол., дьон халҕаһатын этэргэ)

Нууччалыы Приходить в движение, колыхаться (напр., о многолюдной толпе)

  • Борохуолка эбэ бүгүн эмиэ үллэҥнээбит, Болуоссат саҥа киэҥ таһаата түллэҥнээбит.
    С. Тарасов
  • Эмискэ саалаҕа ытыс тыаһа ньиргийэр, саала хамсыыр, өрүтэ түллэҥниир.
    И. Бочкарёв
  • Күрэх төлөн үлэнэн Күүрэ буолак оргуйда, Көлө өрө түллэҥнээн Хотоҕостуу субуйда
    Күн Дьирибинэ

5 туохтуур #

Күүр, оргуй (хол., олох, санаа туһунан)

Нууччалыы Кипеть, бурлить (напр., о жизни, чувствах)

  • Кини түөһүн иһигэр Түллэҥниир киҥэ-наара, Түмүллэллэр ыар санаалара.
    М. Ефимов
  • Өлүөнэ икки өттө дьолу-соргуну уһанар олоҕунан түллэҥниир
    П. Аввакумов

«Т» буукуба