Перевод с якутского
түрбэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы связка, небольшая охапка чего-л., свёрток, тюк
1 аат тыл #
Туох эмэ түүрэ сууламмыта, эрийиллибитэ, биитэр бааллыбыта
Нууччалыы Связка, небольшая охапка чего-л., свёрток, тюк
Оҕонньор -- уһун гына тыырталаабыт мастарын түрбэтин муннукка илдьэн уурбута. Далан Сиидэркэ сотору буолаат, сибэкки ойуулаах сиидэс чараас түрбэтин кыбынан таҕыста. И. Гоголев Биэрэр сулуулара түөрт уоннуу гына-гына баайыллыбыт: үс түрбэ саарба, уон икки саһыл, сэттэ быыдара тириитэ. В. Санги (тылб.)
2 даҕааһын #
суолт. Түүрэ сууламмыт, эрийиллибит биитэр бааллыбыт
Нууччалыы Смотанный или связанный
Түрбэ туоһу уматан баран, ох төбөтүгэр хатаан, кураахтаах саанан ыппыта. Саха сэһ. I. Түрбэ быа, өйүөлээх матаҕа, таҥас, быа-туһах, уулаах иһит тиэнэллэр. ХКК. Дьааһыгы аспыппытыгар, түрбэ обуойдар сыталлар этэ. ТВ ОСКОС С. Ср ДТС түркэк, уйг. түртэк ʽузел, свёрток’, тув. дүргек ʽмоток’