ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уйан

даҕааһын

Нууччалыы некрепкий, непрочный, ломкий

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

даҕ

  • Уйан оҥоһуулаах устуул. Маннык уйан мас өһүөҕэ барбат.
  • Чоочо баай тойон абаҕам Уйан уҥуохтаах, Улдьаҕай саастаах эрдэхпинэ, Муҥ бөҕөнү состорон, Муҥур тиит дойдулаабыта.
    С. Зверев
  • Уйан уҥуохтааҕы Уһаарар күнүм буолла, Уйуллаах кутуруктааҕы Утаарар күнүм буолла
    Саха фольк

2 даҕааһын #

Ситэ модьута, уйуга суох, намчы, кэбирэх

Нууччалыы Некрепкий, непрочный, ломкий

3 даҕааһын #

Ситэ хатарыыта суох, сымнаҕас (тимири этэргэ)

Нууччалыы Некрепкий, незакалённый (о железе)

  • Кыра уус эрэйдээх тимири хатарыыны сааһыгар кыайбат: эбэтэр, ситэ хатарбакка, күөх уйан гыныахтаах, эбэтэр, наһаа ыытан, тостор хатан оҥоруохтаах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хатарыыга уйан хотууру күүскэ ититэн баран, олус түргэнник сойутуллар. ПАЕ ОСС. Сымнаҕас, уйан быһах балыгы эттииргэ ордук. Доҕордоһуу т

4 даҕааһын #

Тулуура суох, кэбирэх, эмсэҕэ (киһини этэргэ)

Нууччалыы Мягкий, нежный, ранимый (о человеке)

  • Хорсун кыһыл комиссардар Арыт уйан да буоллаллар, Дьон курдук дьон эрээрилэр Саамай хатан ыстааллар Кинилэр баар этилэр.
    И. Гоголев
  • Кыратык да муҥатыйар, мунчаарар санааны барытын утары сабыта охсон иһиэххэ. Киһи мөлтөх, уйан өттө баһыйдар эрэ киһи бүтэр
    СТЫМ

5 даҕааһын #

Аһыныгас, чараас сүрэхтээх

Нууччалыы Отзывчивый, чуткий, проявляющий сострадание

  • Настя хоту дойду тыйыс олоҕор мускуллан, эр киһи курдук булчут буола үөрэнэн, кини сүрэҕэ аһынымтыа, уйан.
    Н. Якутскай
  • Ийэ оҕотугар таптала, ийэ уйан уйулҕата, киһиэхэ да, сүөһүгэ да биир курдук.
    С. Федотов
  • Кыра бырааппыт Митя үһүгэр-биэһигэр диэри наһаа уйан, аһыныык оҕо этэ. "Козлик" диэн ырыаны ытамньыйбакка эрэ ситэри ыллаан бүтэрбэт буолара
    УАИ ИОЭОС

6 этии #

Уйан сирин таарыттарда кэпс. – сөбүлээбэт, кыбыстар суолун этиттэ Мэйбэриис Сааба уйан сирин таарыттаран олус кыыһырда, ойоҕун охсоору хаста да далайан баран уоскуйда. Д. Очинскай.

Нууччалыы Быть задетым за живое; быть уязвлённым, обидеться

Этиилэр

Уйан сирэ

ким, туох эмэ кэбирэх, эмсэҕэ миэстэтэ, өрүтэ.

Наиболее уязвимое место кого-чего-л. (букв. ахиллесова пята).

  • Бииргэ бодоруспут Бөтөс, кэлэн эйэргээн, оонньоон көрөөрү гыннаҕына Маҥан Мааска [куоска аата] арахсыбакка муучулуур ыты сытыы тыҥырахтарынан саамай уйан сирин – муннун хайа тардара.
    Далан
  • Киһим эмиэ, мин уйан сирбин таба тайанан, хаадьылаахтык хараҕа симириктээн, тартаҕар таныыта ордук кэтирээтэ.
    Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
  • Тигээйилэр табалар тириилэрин уйан, ыарыылаах сирдэринэн дьөлү уулаан куйукталарын уураллар.
    ХС

Уйан сүрэхтээх

аһыныгас, барыны бары сүрэҕэр чугастык ылынар.

Жалостливый, сердобольный, сострадательный, мягкосердечный.

  • Эдэр сааһым чаҕылыгар эмньик, уйан сүрэхтээҕим.
    С. Данилов
  • Уйан сүрэхтээхтэр туох буолбутун билэн баран, эбии соһуйбуттара.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Уолан Романович, таһыттан көрдөххө тоҥкуруун соҕуһун иһин, олус уйан сүрэхтээх, сүрдээх эйэҕэс, кэпсэтинньэҥ киһи. Г. Угаров

«У» буукуба