Перевод с якутского
уйгу
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы достаток, (материальное) благополучие, благосостояние
1 аат тыл #
Дэлэй ас-үөл, олох баайа-талыма
Нууччалыы Достаток, (материальное) благополучие, благосостояние
Тулалыыр эйгэбит барыта ыраас буоллаҕына олохпут уйгута тупсар. А. Фёдоров Күөл ырбыыланнаҕына кырдьаҕастаах эдэр сааһыттар дьиҥнээх уйгуга тиийэллэрэ: кинилэр кус, анды этин таһынан илим соботун сииллэрэ. С. Никифоров Үлэһиттэр материальнай уйгуларын уонна култуураларын таһыма үрдээтэ ХС
2 даҕааһын #
суолт. Дэлэгэй, өлгөм, баай-талым
Нууччалыы Обильный, богатый, имеющийся в достатке
Ону бүттүүн биһирээн, Уйгу ыһыах ыстыбыт, Үйэлэргэ силигилээн, Үүнэр чэчир астыбыт. Күннүк Уурастыырап Төрөтөр оҕобутун биһиктээн, Төрүүр сүөһүбүтүн күрүөлээн Көрдөөх-нардаах сырдык, Уйгу олоҕу айдыҥ. А. Абаҕыыныскай Балбаара куруутун тиийиммэт кыһалҕалаах олохтон саҥа, киэҥ уйгу быйаҥнаах олоххо тахсарын санаан, сүрэҕэ битигирии олордо Д. Токоосоп