ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уйдар

туохтуур

Нууччалыы держаться в воздухе паря, долго не опускаясь

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Салгыҥҥа уйдаран көтө сырыт (хол., кынаттарын хамсаппакка саратан баран сылдьар көтөрдөр, чэпчэки, ыйааһына суох хаппыт сэбирдэх, сибэкки сиэмэтэ)

Нууччалыы Держаться в воздухе паря, долго не опускаясь (напр., о птицах, сухих невесомых листьях, семенах растений)

  • Көтөр, уһун моонньун умса куоҕатан, нэлэмэн кэтит кынаттарынан арыычча сапсынан, нэһииччэ салгыҥҥа уйдаран иһэр курдуга.
    Н. Заболоцкай
  • Толооннор үрдүлэринэн, көмүс кынаттарыгар көй салгыҥҥа уйдаран туран, күөрэгэй чыычаахтар ырыа-тойук туойдулар. Бэс Дьарааһын. Тирэх ньуолах түүлээх сиэмэлэрэ ыам ыйыгар ситэллэр, ньуолах түүлэринэн салгыҥҥа уйдаран итинник сиэмэлэр бэрт ыраах тиийэллэр.
    КВА Б

2 туохтуур #

Күүстээх сүүрүккэ, долгуҥҥа бигэнэн ууга тимирбэккэ дагдайа сырыт

Нууччалыы Держаться на воде, качаясь на волнах, не тонуть

  • Витим өрүс хабыллар хаба ортотунан, суорба таас хайалар икки ардыларынан дохсун сүүрүккэ уйдаран Сүөдэр айаннаан иһэр.
    Н. Якутскай
  • Болуот биир кэм өрүс долгунун батыһа хас эмэ сиринэн бүгүллэхтэнэн, долгуҥҥа уйдаран, устаҥныыр.
    И. Никифоров
  • Игирэ уолаттар долгуҥҥа уйдаран уста сылдьыбыттар уонна кэлин иччитэх арыыга тиксибиттэр
    И. Данилов

3 туохтуур #

Ситэ халыҥыы илик чараас муус, үрдэ кытааппыт хаар үрдүнэн тимирбэккэ, көҥү түспэккэ хаамп

Нууччалыы Удерживаться на только что замёрзшем лдьу, на сугробе снега, не проваливаясь

  • Үтүө хайыһар диэн халыҥ хаарга уйдарар намчы талаһа эрэ буолбатах, сындалҕаннаах айаҥҥа анаммыт миинэр миҥэ, тыыннаах көлө эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыппыныын [мууһу] тэһэ да түспэккэ уйдаран таҕыстыбыт. Үчүгэй тоҥук.
    Т. Сметанин
  • Мин чэпчэки буоламмын хомурахха уйдарабын, ол иһин аҕам кэнниттэн хаалсыбаккабын батыһан иһэбин
    В. Иванов

4 туохтуур #

Туохха эмэ тирэнэн, тугу эмэ тирээбиллэнэн сырыт

Нууччалыы Стоять на твёрдых ногах, опираясь обо что-л. [Чээнэ] кыыннаах быһаҕын, кыалыктаах хататын ылан баран, мас тайахха уйдаран аар тайҕатын диэки бара турбут

  • Сэһэн Дьэрэмэй. Массыына, рессораларыгар уйдаран, кыра-кыратык долгулдьуйан, килэгир суол устун биир кэм сыыйыллыбыта. "Ленин с. ". Сүүрэр кэмҥэ тэпсэҥнээминэ эрэ, чэпчэки баҕайытык, бары быччыҥы үлэлэтэн, аҥаардас атахха уйдаран эрэ барыллыахтаах.
    ФВН ТС

5 туохтуур #

поэт. Туох эмэ сырдык иэйиигэ оҕустаран эбэтэр дууһаны абылыыр кэрэ музыка тыаһыттан санаалыын өрө көтөҕүлүн, чэпчээ

Нууччалыы Окрыляться, быть воодушевлённым, находясь под влиянием положительных эмоциональных чувств или чарующей музыки

  • Маня бэйэтин санааларын кынатыгар уйдаран, кый үрдүккэ устар.
    А. Фёдоров
  • Көстөр буол, сиккиэргэ куустаран, Эйэҕэс, үөрүнньэҥ тэтиҥим. Мин эмиэ, тапталга уйдаран, Дьэ сырдаан, дьэ чэпчээн кэлиэҕим.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Онтон устунан ол музыка тыаһыгар уйдаран, санаабар кынат үүнэн, төрөөбүт Сахам сиригэр талбаара көттүм
    Г. Колесов

«У» буукуба