Перевод с якутского
улаханнык
сыһыат
Нууччалыы сильно, громко
Ис хоһооно · 9
1 #
сыһ
Мин улаханнык куттанным: аны ампаар сууллан киһини баттыа дии санаатым. Н. Неустроев Коля улаханнык кэлэйбит, абарбыт дьүһүннэннэ. Амма Аччыгыйа Улаханнык кырдьа илигинэ ойоҕо өлөн хаалбыт МНН
2 #
Наһаа, олус
Нууччалыы Очень, значительно (по степени)
3 #
Олус күүскэ, ыарыылаахтык (хол., оҕус о. д. а.)
Нууччалыы Очень сильно, болезненно (напр., ударять и т. д.). [Бурхалей] улаханнык быһыта сынньыллыы кэнниттэн хайдах буолбутун боруобаланан, илиитин-атаҕын хамсатан көрдө
Эрилик Эристиин, Мойот [Ньукулааскыны] көхсүгэ улаханнык оҕуста Т. Сметанин
4 #
Күүскэ (хол., ыарый)
Нууччалыы Сильно (напр., болеть)
“Атаҕыҥ төһө улаханнык ыалдьар? ” – диэн аргыстаһан баран иһэн ыйыттым. Т. Сметанин Маша, ийэтэ улаханнык ыалдьыбытын сэрэйэн, хараҕын уута бычалыс гынна. А. Никифорова Оскуолаҕа киириэм иннинэ харахпынан улаханнык ыалдьыбытым. КЧ
5 #
Кыратык буолбатах, дорҕоонноохтук (хол., кэпсэт, саҥар)
Нууччалыы Громко, шумно (напр., разговаривать, говорить)
Өр соҕус буолан баран тулуйбатым, улаханнык сөтөлүннүм. А. Софронов Бутукаай кумааҕыларын Микиитэ улаханнык ааҕан барда. Амма Аччыгыйа Сорохтор улаханнык кэпсэтэллэр, Субу кулгаахпар иһиллэр С. Васильев
6 #
Дириҥник (ытыктаа, убаастаа)
Нууччалыы Глубоко (почитать, уважать)
Дьон улаханнык ытыктыыр киһитэ Н. Якутскай
7 #
Өлүөх курдук, күүскэ
Нууччалыы Смертельно, крепко, сильно
Абдуркулла улаханнык бааһырда. Эрилик Эристиин Эһэ улаханнык таптарда быһыылаах, охтон түстэ Т. Сметанин
8 этии #
Нууччалыы Важничать; высоко мнить о себе; задирать нос
Этиилэр
Улаханнык тутун
киэмсий, киэбир Учуутал улаханнык туттубат.
Тыа сиригэр таҕыстаҕына улаханнык туттар. НАГ ЯРФС I I. Тэҥн үрдүктүк тутун
9 этии #
Нууччалыы Смотреть, выпучив глаза
Этиилэр
Улаханнык көр
хараххын киэҥник диэличчи көр Утары этитиэ суох курдук улаханнык көрдө.
Мин муодарҕаан, соһуйан, улаханнык көрдүм быһыылаах. Н. Габышев