ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

улук

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы бессильный, слабый, вялый

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

Сэниэтэ суох, нукаай курдук

Нууччалыы Бессильный, слабый, вялый

  • Улук оҕо
  • Бу улуу күтүр, От тиэйэр уолум, оронтон турбат Улукка сиэтэн
    Эллэй

2 даҕааһын #

Сылаалаах, салгымтыалаах, чуҥкук (хол., түүн)

Нууччалыы Вызывающий утомление, утомительный, скучный (напр., о ночи)

  • Ол гынан баран, ол харах да ууларын, ол улук да түүннэри бэйэм саамай дьоллоох кэмминэн ааҕынабын.
    Суорун Омоллоон
  • Күммүт улам уһуур уонна үрдүүр, Кыһыҥҥы улук түүн кылгаата. Таллан Бүрэ. Улук олохтон туймаарыйбыт оҕолорго туох барыта сонун, көр-нар курдук
    Ф. Постников
  • Дьааһыйан, сыҥааҕырдаан, Сыарҕа кыыкыр тыаһа, Оо, улугун!
    П. Тобуруокап

3 аат тыл #

Күүһэ, сэниэтэ суох буолуу, сылайыы

Нууччалыы Утомляемость, усталость. [Миитэрэй] нэһи сэргэхситэр, улугу уһугуннарар көрдөөх тыллары бэрт дөбөҥнүк этэн кэбигирэтэн кэбиһэр

4 аат тыл #

Киһини салгытар, сылатар, тохтообокко биир кэм уһуннук буолар туох эмэ

Нууччалыы Что-л. не меняющееся, повторяющееся, однообразие, надоедливость

5 этии #

Нууччалыы Становиться вялым, усталым, слабым

Этиилэр

Улук буол

күүһэ, сэниэтэ суох буол, кыайан хамсаабат курдук буол Утуйарга улук буолан, Сытарга сыҥсаар буолан, Аһыырга ас аҕыйаан [Санаалара сарбыллар].

Улук көлө

1) аһара сылайбыт, илистибит көлө (ат, оҕус, таба).

Заморённый упряжной скот.

  • Улук көлөнөн ырааппаккын; 2) мөлтөх, кырдьаҕас ат. Кляча. Аҕам ата кырдьан, улук көлө буолбут.

Улук уу

уһуктубакка кытаанахтык утуйар уу.

Крепкий сон.

  • Айдааны уутун быыһынан истэ, тулуйа сатаан баран, уһугар улук уута көтөн, Дуксуу үөхсэ-үөхсэ олоро биэрдэ.
    В. Миронов
  • Биһиги, улук уу баһыйан, ити көрү-нары ситэ көрбөккө эрэ ырыа-тойук ньиргиэригэр бигэтэн, утуйан барбыппыт.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Устунан хаһан да утуйбатах улук уутунан утуйбут. Н. Абыйчанин

«У» буукуба