Перевод с якутского
умун
туохтуур
Нууччалыы забывать
English to forget; забыть, forget
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Нууччалыы забывать
English to forget; забыть, forget
аадырыһын умуннум я забыл его адресI forgot his address умнан кэбис совсем забытьto forget altogether
2 туохтуур #
Ааспыты өйдүү-саныы сылдьыма, онно төннүмэ
Нууччалыы Забывать, переставать помнить, утрачивать воспоминания о ком-чём-л
Орлов, сэриилэспит күчүмэҕэй күннэрин саныыр буолан, саха уола доҕорун умнубат этэ.
Суорун Омоллоон[Нүһэр Дархан:] Уһуну, киэҥи улаҕалыы санаан, Урукку өспүтүн умнарбыт уолдьаста. И. Гоголев Онон алҕаспын бырастыы гын уонна ити туһунан умун С. Ефремов
3 туохтуур #
Тугу эмэ өйгүттэн түһэрэн кэбис, саныы сылдьыма
Нууччалыы Упустить что-л. из сознания, перестать держать в мыслях, запамятовать
"Тимир арааһа манна баарын умнаммыт, мутугунан муҥнанан…" – Семён Ильич муннукка олорон бытархай тимирдэри хачыгыратар. Амма Аччыгыйа Кэргэнин аатын умнан Күлүүгэ барааччы, Бэйэтин аатын умнан Мэлтэллэн турааччы. И. Гоголев [Өлөөнө:] Ханнык агроном? [Солко:] Аатын ким эрэ диэбиттэрэ да, умнан кэбистим С. Ефремов
4 туохтуур #
Дьалаҕай, болҕомтото суох буолан онтугун-мантыгын ылбакка, илдьэ сылдьыбакка ханна эрэ хаалларан кэбис
Нууччалыы Оставить что-л. где-л., не захватить с собой по рассеянности, забыть. – Улахан бааҥка кылдьыыта илиибэр быһа киириэ. – Оттон үтүлүктээх туттаҕыҥ дии. – Үтүлүкпүн дьиэбэр умнан кэбиспиппин ээ
Мин, саабын ылаары, хаҥас санныбын харбаан көрбүтүм, саам суох эбит: саһыл хороонун аттыгар тииккэ өйөннөрөн баран, умнан кэбиспиппин.
Суорун ОмоллоонБэйэтэ эмиэ сотору-сотору буоссата суоҕу умуннаҕына, склероһун туһунан кэпсээн күллэртиир
Н. Лугинов
5 туохтуур #
Тугу барытын өйгүттэн-санааҕыттан киэр илгэн, болҕомтоҕун туох эмэ бииргэ эрэ хатаа
Нууччалыы Сосредоточившись на чём-л. одном, не замечать ничего другого
Тыалы-хаары, хараҥа түүнү, алдьархайы-аһыыны – барытын бу кэмҥэ умнан кэбиһэн бараннар, хаһыаты көрө олордулар. Амма Аччыгыйа Сымыраахап аан дойдуну, бэйэтэ кимин, ханна иһэрин барытын умунна. Т. Сметанин Ити курдук кэпсэтэн, Бириэмэни көтүтэн, Иккиэн табаах тардаллар, Кэми-чааһы умналлар А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (3)
Тугу эмэ хаалларан, толук ууран туран, кимтэн-туохтан эмэ бэйэҥ көҥүлгүнэн аккаастан. Θ Поступаться кем-чем-л. ради кого-чего-л. Барыны хаалларан, барыны умнан туран, хайыһар оҥосто охсуохха! Амма Аччыгыйа Никита Айаанныын бибилэтиэкэ сабыллыар диэри олорон бириэмэни, сынньалаҥы умнан, үлүһүйэн туран дьарыктаналлар.
Н. ЛугиновДьэкиим, бары сэрэҕин-сэргэҕин умнан, үлүһүйбүттүү үлэлэһэ олордо Н. Заболоцкай
6 туохтуур #
Тугу эмэ болҕомтоҕор ылыма, ахсарыма, ахсарбат буол
Нууччалыы Не принимать во внимание что-л., не осчитаться с кем-чем-л
Максим, мин санаабар, биһиги атастыы буолуохпутун сөп. Субординацияны умун.
Н. ЛугиновКиһи куһаҕаны умнан, үчүгэйи эрэ өйдөөн хаалара хайдах буолуо этэй? Софр. Данилов. Кыыс толлорун да, кыбыстарын да умнан кэбиспит быһыылаах Н. Заболоцкай
7 туохтуур #
Тугу эмэ гымматаҕыҥ быданнаабыт, ырааппыт буолан, ол үөрүйэххин сүтэр
Нууччалыы Утрачивать былые умения и навыки (плакать, смеяться, чем-л. заниматься), переставать это делать
Нина эттээх суон харыларынан ыксары кууһан, уураһары умнубута быданнаабыт уоспун сып-сылааһынан хаарыйан уураан ылбыта. Далан Оҕолор, үрдүттэн көрдөххө, үҥкүүлүүр этилэр да, кинилэр үөрэри-көтөрү умнубуттара өр буолта.
Суорун Омоллоон"Бу оҕом иһин, дойдум, бар дьонум иһин", – диэн иһэн бөтө бэрдэрэн, хараҕын соттумахтаан ылла, бу ытыыры да умнубут кырдьаҕас саха эмээхсинэ Н. Заболоцкай
8 этии #
Нууччалыы Не упускать своей выгоды, не забывать себя
Этиилэр
Бэйэтин умнубат
бэйэтин барыһын мүччү туппат Яков киниэхэ соруйтара да барбатаҕа, үөрүүнэн күндүлээбитэ, таарыччы бэйэтин кытта умнубатаҕа.
Ол сылдьан, таарыччы бэйэтин эмиэ умнубатаҕа, элбэх түүлээҕи, түүлээх таҥаһы, көмүс сэби-сэбиргэли иҥэриммитэ. И. Никифоров
Утуйар уутун умнубут
утуйбакка, сынньаммакка кыһаллан-мүһэллэн үлэлиир, таптыыр дьарыгынан дьарыктанар.
Работать, заниматься любимым делом усердно, увлечённо забывая про сон.
Кини балыксыт, күстэх да диэн баран утуйар уутун умнар. Н. Габышев Үөрэҕин таһынан Михаил, утуйар уутун умнан туран, кистэлэҥ литератураны ааҕан тахсар умсулҕаныгар оҕустарда. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Үлэ туһугар утуйар уутун даҕаны умнубут эдэр бэрэссэдээтэли тута сөбүлээбиттэрэ, таптаабыттара. ХС
Уунарын ураҕаска ыйаабыт, бэрсэрин бэскэ ыйаабыт
бэйэтигэр туһанар эрэ туһугар үлүһүйээччи, иҥсэлээх, иҥсэлээх киһи.
Жадина, жмот. Туппута эрэ торуоската, Кэппитэ эрэ сэлээппэтэ, Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, Уунарын умнан кээспит.
Өксөкүлээх Өлөксөй