Перевод с якутского
унаарыччы
сыһыат
Нууччалыы медленно
Ис хоһооно · 5
1 #
сыһ
[Борохуот] Уһун хара турбата Унаарыччы буруолаата. “ ХС
2 #
Нууччалыы Медленно, плавно и высоко (тянуться, виться – о дыме). [Токоно оҕонньор] Умнастаах мас хамсатыттан Убаҕас үрүҥ буруону, Омурдан күккэтэн ылан, Унаарыччы үрэн кэбистэ
Этиилэр
Бытааннык, наҕыллык (сыыйылын
буруону этэргэ)
3 #
Сыыйа тардан, бытаан соҕустук (хол., саҥар, ыллаа)
Нууччалыы Протяжно, заунывно (напр., говорить, петь)
Ньукулай оҕонньор унаарыччы саҥаран кэбистэ. Амма Аччыгыйа Таба саҥыйахтаах киһи уҥа илиитигэр бэрдээни туппутунан тахсан кэллэ, унаарыччы саҥарда. И. Гоголев Сахалыы унаарыччы дорооболостулар. А. Кривошапкин (тылб.)
4 #
Оргууй аҕай санньыйбыттыы, тугу эрэ толкуйдаабыттыы (көр – кыыһы, дьахтары этэргэ)
Нууччалыы Задумчиво, мечтательно (смотреть – преим. о девушке, женщине)
Уулларбыт хорҕолдьун курдук Унаарыччы көрбүт Уу долгун харахтаах. А. Софронов Кыыс унаарыччы көрбүт өйдөөх харахтара дьикти уотунан сырдаабыкка дылылар. М. Доҕордуурап Ийэҥ курдук унаарыччы көрөөхтүүгүн А. Сыромятникова
5 #
Наҕыллык, холкутук, тиэтэлэ суохтук
Нууччалыы Не торопясь, спокойно
Бааһынаҕа нэчимиэн туорааҕын былыргылыы ытыһан ыла-ыла унаарыччы ыһыахтыы сылдьыбыта. И. Гоголев Хас биирдии эрчиллиини унаарыччы оҥоруохха сөп. АГГ ХТ