ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уобарас

аат тыл

Нууччалыы живое, наглядное представление о ком-чём-л., образ

1 аат тыл #

Өйгөр кими, тугу эмэ илэ-чахчы баар курдук оҥорон көрүү

Нууччалыы Живое, наглядное представление о ком-чём-л., образ

  • Миэхэ харахпар бу көстөн кэллэ Ол нуучча кыыһын уобараһа тиллэн.
    М. Ефимов
  • Арыт-арыт кини уолун уобараһа остуоруйа дьоруойун кэриҥэр тиийэ, кини иннигэр үүнэн-улаатан көстөрө.
    М. Горькай
  • [Өйбөр] көҥүл куйаарга ыыт диэн кэнники көрдөспүт Дерсу уобараһа субу тиийэн кэлэрэ. В. Арсеньев (тылб.)

2 аат тыл #

Литератураҕа, ускуустубаҕа олоххо баары туох эмэ нөҥүө уус-ураннаан көрдөрүү

Нууччалыы В литературе, искусстве: обобщённое художественное отражение действительности, образ

  • Вася Старостин поэт этэ. Тулалыыр эйгэтин уобараһынан өйдүүрэ.
    М. Ефимов
  • “Ыаҕастаах уунан кутар” сомоҕо домох уобарас, тэҥнэбил көмөтүнэн үөскээбит биир уустук өйдөбүлү көрдөрөр. СЛСПҮО. Кириитиктэр бу айымньыга ойуур -- ийэ дойду кэрэтин, кыаҕын, баайын-дуолун, өлбөт үйэтин уобараһа буоларын саамай сөпкө ыйаллар
    ФЕВ УТУ

3 аат тыл #

Айымньы, киинэ о. д. а. дьоруойун майгыта-сигилитэ, киһи быһыытынан уратыта, ураты көстүүтэ

Нууччалыы В художественном произведении, кино и т. п.: тип, характер, образ

  • Кини өйүттэн Айаал уонна Күн Чөмчүүк уобарастара өргө диэри арахсыбатылар.
    С. Никифоров
  • [Дария Слепцова] оонньообут оруоллара, айбыт уобарастара хайдах эрэ ис-истэриттэн ураты иэйиилээх буолаллара. “
    ХС

«У» буукуба