Перевод с якутского
уолан
аат тыл, аат, даҕааһын
Нууччалыы неженатый молодой человек
1 аат тыл #
Кэргэннэнэ илик, сааһын сиппит уол оҕо
Нууччалыы Неженатый молодой человек
Хаһан эрэ мин эдэр, Хоччорхой уолан баарым. С. Данилов Хаппытыан манна кэлэн уруккутугар түспүт, уоланыгар эргийбит курдук. А. Сыромятникова Уол оҕо, буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, уолан бэрдигэр кубулуйар С. Спиридонова
2 даҕааһын #
суолт. Эдэр, олоҕу билэ илик
Нууччалыы Молодой, неопытный
Ыларов, уолан хаана оонньоон утары дьохсооттоото. Р. Баҕатаайыскай Уолан сүрэх уот саҕыллан Арай кырдьык тааһырдын, Охсуһууга хатарыллан Алмаастыы тыйыһырдын. А. Абаҕыыныскай Уолан олоҕу кытта бырастыылаһар үгэс бу мээнэҕэ олохсуйбат. Төһө да дьоллоох буолтуҥ иһин, көҥүлгүн син аһыйаҕын. Л. Толстой (тылб.)
3 этии #
Нууччалыы Мальчик, юноша
Этиилэр
Уолан дьон көр дьон
Уолан дьон хараҕар кэрэтик көстөөрү, кыргыттар киэргэнэн кэлэллэр. И. Гоголев Уолан дьон, эр бэртэрэ, айаннаан иһэн, айахтара хам буолбат. И. Егоров
Уолан киһи көр киһи I
Тэһиин тутуохпут диэн тоҕус уолан киһи, аҕыс кыыс дьахтар тахсан сэргэ төрдүгэр мустубуттар. Саха фольк Уолан киһи, оҕо сааһа ааһан, уҥуоҕа кытаатан, хаана-сиинэ кэйэн, сул тиити кытары туста оонньуур буолбут. Н. Павлов
Уолан оҕо
уол оҕо Дьахтары таптаабатах, уолан оҕо мин олоробун.
Күнүһүн ахтан Көмүс уолан оҕолорбун суохтуурум. И. Егоров
Уолан саас
уол оҕо кэргэн ыла илик сааһа.
Юность, юношеские годы мужчины.
Григорий уолан сааһыгар түспүттүү, иэдэһэ итийбэхтээтэ. Р. Баҕатаайыскай О, кэрэ да кыысчаан этэ, Уолан сааспын кини киэргэппитэ. С. Васильев
Уолан уол
уолан киһи диэн курдук (көр киһи I).
Баар буоллар уолан уол эрдэххэ
Муударай, сиппит өй төбөҕө, Баар буоллар сааһырбыт сүрэххэ – Эдэр саас эрчимэ, төлөнө.
Олох обургу мускуйан уолан уол киһи буолар. К. Уткин Билигин да уот сиэбэтэх, уу ылбатах чиргэл мас курдук уолан уол эбиккин. “ХС”