Перевод с якутского
уох
аат тыл
Нууччалыы сила, мощь кого-чего-л
English power
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Ким, туох эмэ күүһэ-кыаҕа, сэниэтэ, эрчимэ
Нууччалыы Сила, мощь кого-чего-л
Отелло модун уоҕа аҕыраан, уот курдук омуна умуллан, күүһэ өһүллэн хаалар. Эрчимэн. Бу дьон уохтара сүрэ диэн, хаҥыл сылгы курдуктар. А. Фёдоров Дохсун уох, хаҥыл майгы барыта манна [Аллаҥҥа] хаайтарбытын курдук, өрүтэ түллэҥниир, үлүскэннээх айанынан доллоһуйа устар. А. Сыромятникова Бөһүөлэк олох уҕарыйбат уоҕунан оргуйар П. Аввакумов
2 аат тыл #
Ким, туох эмэ омуна-төлөнө, өрө күүрүүтэ
Нууччалыы Горячий темперамент, пыл, огонь кого-чего-л
Уламдьы ыгым уоҕар баай тойон илин тииһин, көтүрү дайбаабыта. И. Данилов Унаар иһигэр абатыйа санаата, Уоҕар ытын улаханнык охсон, Оһох кэннигэр кыйдаата. С. Васильев Үлэһиттэр сарсыардааҥҥы уохтара арыый уостан барда. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Мэник мэнигийээннэр Мэнээк барыахтарын, Учууталлар тутаннар Уохтарын уҕарыппыттар. “ ХС
3 аат тыл #
Ханнык эмэ утах хатана
Нууччалыы Степень насыщенности напитка чем-л. (алкоголем или др. веществами), крепость
Кымыстарын уоҕа сүрдээх эбит. [Одуор:] Чэ, аны табаарыстаар, бу бакааллары көтөҕөн кэбиһиэҕин. Мааҕыттан уохтара бары тахсан хаалаары гынна
Суорун Омоллоон
4 аат тыл #
Сир өлгөм үүнүүнү биэрэр кыаҕа
Нууччалыы Плодородие почвы
Куһаҕаннык таҥастанарыттан сир уоҕа сотору сүтэрэ. КФП БАаДИ. Өр сылларга уоҕурдуута суох тыа хаһаайыстыбаларын култуураларын үүннэрдэххэ почва кунуһа аҕыйаан, уоҕа мөлтөөн иһэр. ЛИК СОТҮҮүТ. Германецтар сири үгэс курдук уоҕа тахсыар диэри туһаналлара АЕВ ОҮИ
5 аат тыл #
Кими, тугу эмэ тугунан эмэ хааччыйар кыах, баай-дуол
Нууччалыы Возможность обеспечить кого-что-л. чем-л
Күһүнүгэр Бөтүрүүс оскуолаҕа киирэр, онно мөссүйүөн диэн эргэ аатын өссө да сүтэрэ илик кыамматтар дьиэлэригэр бэлэм уохха олорор. ХС Пётр -- Иркутскайдааҕы учуутал семинариятыгар хааһына уоҕар үөрэнэ барар дьолго тиксибитэ. ХС Оҕолор судаарыстыба уоҕар бэлэмҥэ үөрэнэллэр, олороллор. “ Кыым
6 этии #
Нууччалыы Успокаиваться после первого сильного порыва
Этиилэр
Уоҕа хараата
бастакы омуна мөлтөөн, ааһан, уоскуйда Хаарыаннаах кыһын ааһан эрэрэ.
Олунньу ый уоҕа хараан, бүтэн эрэрэ.
П. ОйуунускайМин улаханнык уордайбыт, сиэх-аһыах буолбут киһи, ону көрөммүн намырыйан, уоҕум хараан хаалбыта... И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
Уот уоҕа хараан, хаптайа быһыытыйда. А. Фёдоров Сарсыарда өрүкүспүт уохпут хараан, илистэн, им-ньим иһэбит. “Кыым”.
Уоххун намырат, уҥуохта көмүллээ, уоһахта салаа
уорда намырый, уоһахта салаа, уҥуохта көмүллээ диэн курдук (көр салаа I).
[Күөх Көппө – Топпот Өндөрөйгө:] Бэйэ, аргыый, уоххун намырат, уҥуоххун көмүллээ, уоһахта салаа… Суорун Омоллоон