Перевод с якутского
уоҕур
туохтуур
Нууччалыы становиться сильнее, энергичнее
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Өссө сэниэлэнэн күүһүр, эрчимир (тыынар тыыннаах туһунан)
Нууччалыы Становиться сильнее, энергичнее (о ком-л.)
Сүөдэркэ дьиэ иһин биир гына тиҥсирийэр. Кыыһырбыта, уоҕурбута сүр. Н. Якутскай Омурҕан кэннэ ийэм олус эрчимирбит, уоҕурбут этэ. И. Гоголев Эбиэскэ уоҕурбут аттар Суһаллык субуһан хаамаллар Эрилик Эристиин
2 туохтуур #
Уохтаах буол (хол., кымыһы этэргэ)
Нууччалыы Становиться крепким, настаиваясь (напр., о кумысе)
Уһааттарга кымыс бөҕө уоҕуран, кырылыы кыынньан эрдэҕэ.
Н. ЛугиновБиэ үүтэ, элбэх саахардаах буоллаҕына, өр соҕус турдун да аһыйар, уоҕурар (үүт, чох кислотатын уонна испиири биэрэр) ЩМФ ККЭБС
3 туохтуур #
Күүһүрэн, сэтэрээн биэр
Нууччалыы Крепчать, усиливаться
Тымныы уоҕурбут. Ордук уоҕуран дуорайар кини Уоттаах төлөннөөх поэзията. Эллэй. Төлөн, сотору буолаат, үөрбүттүү тэлибирээтэ, улам уоҕуран, тэтимирэн, дьиэрэҥкэйдээн эрэрдии тэйиэккэлээбитэ И. Гоголев
4 туохтуур #
Үүнээйи үүнэригэр сөптөөх гына туох эмэ кутуллан тубус (сири, почваны этэргэ)
Нууччалыы Удобряться, быть удобренным (о земле, почве)
Сибэкки күлүккэ уоҕурар, Күлүккэ ойуута киэркэйэр. С. Данилов Уоҕуран турар кырыстан Ордук баайы хомуйан, Үрдүк аат ылан таҕыстын Үлэ туйгун Геройа! И. Чаҕылҕан Сири сыл ахсын элбэх органическай уоҕурдууну кутар буоллахха почвата уоҕурар. “ Кыым