ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ураннаа

туохтуур

Нууччалыы делать что-л. тонко, красиво, художественно

туохтуур

Тугу эмэ нарыннык, уустук үчүгэйдик оҥорон таһаар

Нууччалыы Делать что-л. тонко, красиво, художественно

  • Уу балыга Уста сылдьарын Ураннаан суруйан Умсугутарым дуу?
    А. Софронов
  • Оҕонньор -- барыта бу баар курдук ураннаан кэпсээтэҕинэ, дьиэлээхтэр өрүү сэҥээрэ, кырдьыктана истэллэрэ.
    Болот Боотур
  • Тоҥ хаарга сөтүөлээбит ый курдук Кылбаҕар муоһу ураннаан кыстахпына – Быһый таба буолан кынтайа сүүрэр, Соноҕос ат буолан сиэлэ өрүкүйэр
    И. Гоголев

«У» буукуба