Перевод с якутского
учуот
аат тыл
Нууччалыы установление количества чего-л. путём подсчётов, учёт
1 аат тыл #
1. Туох эмэ ахсаанын, төһөтүн ааҕыы, ааҕан таһаарыы
Нууччалыы Установление количества чего-л. путём подсчётов, учёт
Кулаак маҥхааһайын астаран, туох да ыйааһына, учуота суох бурдугу кутан ылан баран, ордугун бэчээттээн кэбиспиттэрэ. Эрилик Эристиин Биэнсийэ, босуобуйа бары тэрилтэлэринэн төлөнөр буолан, сүрдээх элбэх учуот, отчуот эрэйиллэр, хонтуруол олохтонор. «Сахаада». Оҕонньор мотористартан хас ороскуоттаммыт лиитирэ ахсын учуот көрдүүрэ. Ю. Рытхэу 2. Кими, тугу эмэ анал испииһэккэ киллэрии, бэлиэтээһин. Θ Регистрация кого-чего-л., учёт. Оройуон хас биирдии хомуньууһа билигин тугу үлэлиирэ, ханна барара барыта биһиги учуоппутугар сылдьар. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Звеноларга үлэ күнүн учуота хас биирдии культураҕа тус-туһунан оцоһуллар. КПЫ. Быраас хат дьахтары туспа учуокка ылар ЮВА ДьГ
2 этии #
Нууччалыы Военный учёт, учёт в военкомате
Этиилэр
Байыаннай учуот
сокуоннай саастарын сиппит эдэр дьону (уолаттары) байаҥкамаакка испииһэктээһин, бэлиэтээһин Бүгүн сарсыарда олохтоох сэбиэккэ байыаннай учуокка тура, пропискалана киирбитэ.
Э. Соколов.
Учуокка тур
туох эмэ испииһэгэр киллэрилин, бэлиэтэт.
Вставать на учёт.
«Мин партийнай учуокка туруом этэ», — Золотов лоскуй кумааҕыны Ананийга уунна. М. Доҕордуурап Уол саллааттаан кэлбитин иккис күнүгэр учуокка тура байаҥкамаакка киирбитэ. Э. Соколов
Учуоттан уһулун
туох эмэ испииһэгиттэн таҕыс, уһулун.
Сниматься с учёта.
Устудьуоннаан бүтэн, учуоттан уһуллар кэмнэрэ кэлбитэ