ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уччуй

туохтуур

Нууччалыы отлучаться от дома, вести непоседливый образ жизни, бродяжничать

туохтуур

1. Дойдугуттан эбэтэр дьиэҕиттэн тэлэһийэн мээнэ ускул-тэскил сырыт

Нууччалыы Отлучаться от дома, вести непоседливый образ жизни, бродяжничать

  • Аҕам мин кыһыл оҕо эрдэхпинэ соҕуруу үөрэххэ барбыт, ол гынан баран эргиллибэккэ, сонон уччуйан хаалбыта үһү.
    Күндэ
  • Уһуннук уччуйа сылдьыбыт кэммэр ханна-ханна тиийбэтэҕим баарай. Арай биирдэ, булт эккирэтиитигэр Өймөкөөн баһыгар охсуллан тиийдим.
    Болот Боотур
  • Урукку өттүгэр Мөрүөн ол-бу үрэх бастарынан. хоту сирдэринэн уччуйа сылдьыбыт. биир сиргэ олохсуйан олорботох киһи.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (3)
  • 2. Баар буолуохтаах сиргиттэн ыраат, ыраах тэйэ бар (дьиэ сүөһүтүн. кыылы-сүөлү этэргэ). Θ Уйти. оторваться от дома (о домашнем скоте. животных). Баҕар табалар бэйэлэрэ ырааҕынан тарҕанан уччуйбуттара буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Бөһүөлэктэн уччуйа сылдьар ыттар Бөтөстөн саллан ырааҕынан кыйаллара.
    Далан
  • Хараҥаҕа даҕаны биир эмэ таба уччуйааччы. «Кыым». Ср. монг. очих ‘ехать. пойти. поехать. отправляться’

«У» буукуба