Перевод с якутского
уҥуор
кэнники тыл, сыһыат, аат тыл
Нууччалыы употребляется при обозначении предмета, на противоположной стороне которого, за которым, через которое совершается действие
Ис хоһооно · 4
1 сыһыат #
Хайааһын туох эмэ нөҥүө өттүгэр оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар (төр. түһүгү кытта тут-лар)
Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, на противоположной стороне которого, за которым, через которое совершается действие (употр. с имен. п. – на противоположной стороне, за, через)
Ыалдьыан иннинэ биир өрүс уҥуор олохтоох дьахтары кытта чугастык билсэр этэ. С. Маисов Тыраахтар күрүө уҥуор харааран, үллэн көстөр. Н. Габышев Үрүҥ куруһуба уҥуор Көстөн ааһар күн мөрсүөн Баал Хабырыыс
2 сыһыат #
Хайааһын туох эмэ нөҥүө өттүгэр туһуланан оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар (төр. түһүгү кытта тут-лар)
Нууччалыы Употребляется при обозначении чего-л., за которым, на ту сторону которого направлено действие (употр. с имен. п. – на ту сторону, через, за)
Аанчык, муус чараас да буоллар, бүгүн үрэх уҥуор тахсарга сананна. Т. Сметанин Ый, былыт уҥуор сынан тахсан, Ыһан кээстэ үрүҥ көмүс утахтарын. Л. Попов Мин үрүйэ уҥуор туораары, тыс этэрбэспин уһуллум. Н. Тарабукин (тылб.)
Өссө холобурдар (1)
Уол торбос сонун уҥуор санна аһый гынна да, онно кыһана барбата Н. Габышев
3 сыһыат #
суолт. Тугу эмэ курдат
Нууччалыы Сквозь что-л
4 аат тыл #
суолт. Туох эмэ (үксүгэр өрүс) нөҥүө өттүгэр баар сир
Нууччалыы Местность, которая расположена на противоположной стороне (обычно за рекой)
Бүгүн уҥуор барабын. – Хантан сылдьаҕын, доҕор, уҥуортан буолаарай? “ Сахаада