Перевод с якутского
уһаты
даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы вдоль, вдоль чего-л
1 сыһыат #
Устатынан буолар гына, усталыы
Нууччалыы Вдоль, вдоль чего-л
Моҕотой эриэнин курдук буолан баран, үрүҥ уонна күөх дьураалар уһаты субуспуттар. С. Окоёмов Сибэккини остуол ортотугар эбэтэр остуолу уһаты үс-түөрт сиргэ туруоруллар. Дьиэ к. Тииҥи үчүгэйдик бөһүйбүтүн кэннэ, кутуругун сиһигэр уһаты тутан баран, суумкаҕа угуллар. Булчуттарга к
2 даҕааһын #
суолт. Устатынан, усталыы барар
Нууччалыы Вытянутый, идущий в длину
Өлүөхүмэ куората биир уһаты уһуун-уһун уулуссалаах. Н. Якутскай Илин уһаты күөл тамаҕынан Кураҕаайытта алаас кырдьаҕас булгунньаҕа былыт ойуутунуу күрэҥсийэн көстөр. М. Доҕордуурап Бу дьиэлэр уһаты субурҕаларыттан туора түһэн барбыт кылгас уулуссаҕа Тиит Арыытааҕы ойуур хаһаайыстыбатын хонтуората баар ХС
3 этии #
Уһаты уой (уун), туора тот кэпс., сиилээн. – кими эмэ көлөһүннээн бай-тай, уой-тот Аҕаҥ бар дьон хара көлөһүнүн супту уулаан муспут баайыгар уһаты уойдуҥ, туора тоттуҥ ини. Амма Аччыгыйа. Кыра сааһыттан кини [Шевченко] сүрэҕэр дьадаҥылар хара көлөһүннэринэн уһаты уойар, туора тотор баайдарга, ыраахтааҕы былааһыгар кырыктаах өс-санаа уота күөдьүйбүтэ. Софр. Данилов.
Нууччалыы Заплывать жиром; лопаться с жиру
Этиилэр
Уһаты ууммут, туора топпут Улуу абаҕам
үрдүк Чоочо Киэҥ ыырын киэптээтим, Кэтит баайын үрэйдим.
Күннүк Уурастыырап