Перевод с якутского
уһуйулун
уһуй диэнтэн атын. туһ. Учууталы ытыктыыр, кини үөрэппитин ылынар оҕо уһуйуллан, орто эбэтэр үрдүк үөрэх идэтин баһылаан, кырдьык даҕаны, дириҥ билиилээх, олоххо туһалаах киһи буолан тахсар. М. Доҕордуурап Бөрө оҕолоро хойутуу күһүн улаатан, бууттарын этэ буһан, систэрин этэ ситэн, ийэлэриттэн уһуйуллан, кулуннааҕар буолуох, бэл, тыйы да тардар кыахтаналлар. В. Миронов [Норуот эмчитэ Ньыыкан:] Билигин санаатахпына, ханнык эрэ биллибэт ситим миигин эһэбэр сыһыары тардар этэ, бэйэм да билбэппинэн кини мындыр идэтигэр уһуйулла сылдьыбыт эбиппин. НЭНь. Суорун Омоллоон кэпсээннэриттэн эдэр суруйааччылар үгүскэ үөрэниэхтэрин, улахан суруйааччы маастарыстыбатыгар уһуйуллуохтарын сөп. "ХС"