ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһулун

  • уһул диэнтэн бэй., атын. туһ. Ыраахтааҕы уһуллуон эрэ инниинэ Улуу Тоҕой сэттэ нэһилиэгэ туспа улуус буолбута.
    Л. Попов
  • Ити киирсиилээх тылы эппэтэҕэ буоллар, кини үлэтиттэн уһуллуо суоҕун сөп этэ. ПНИ ЭД. Бэйэтэ айбыт ырыалара Дьокуускайдааҕы араадьыйа пуондатыгар уһуллубуттар. САа. Сотору кинилэр иккиэн үлэлэриттэн уһуллубуттара. "ХС"
  • уһуй диэнтэн атын. туһ. Тоноҕон эмиэ, аҕатыттан уһуллубут уллуҥнаах булчут киһи, сорсуйан олордоҕо.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (2)
  • Күннүк Уурастыырап бэйэтэ ахтарынан, уран тылга оҕо сааһыттан уһуллубута. Эрчимэн. Хайдахтаах дьоҥҥо үөрэнэн, уһуллан итиччэ киэҥ-дэлэй билиилэммит, холку-наҕыл бэйэлэммит дьонуй?
    С. Федотов
  • Итини тэҥэ үөрэнээччилэр үлэ дьоҕурдарыгар уһуллаллар, өй-санаа өттүнэн үүнэллэр, улахан киһи курдук дуоспуруннаналлар. "Кыым"

«У» буукуба