ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһуур

туохтуур

Нууччалыы шумно выпускать воздух изо рта, пыхтеть

1 туохтуур #

Айаххыттан салгыны күүскэ үр, тыастаахтык үрэн таһаар

Нууччалыы Шумно выпускать воздух изо рта, пыхтеть

  • Элбэх киһи үмүөрүһэн тиийбиттэригэр, биэ өрүтэ уһуура-уһуура, төттөрү-таары сиэлэн кынтаһыйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Токоно оҕонньор] Хамсатын хаһан хачыгыратта, Уохтаах табаҕы уурунан, Убаҕас унаар буруону Уһууран таһаарда.
    С. Васильев
  • Яков кыайан утуйбата, хата, мөхсөн, уһууран, оронугар эргийбэхтээн киирэн барда
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Буруонан биитэр итиинэн оргуйа олор, сырылаччы үр

Нууччалыы Обдавать паром, жаром

  • Уот хараҥа халлааны иҥсэлээхтик салаамахтаан, уһуура турда. Софр. Данилов. [Эһэ] бастаан сааны сэрэнэн-сэрэнэн сытырҕалаан көрдө, уотунан-күөһүнэн уһууруо, дэлби ыстанан тыаһыа диэбиттии туттар.
    Р. Кулаковскай
  • Бронепоезд субу кэлбит, сурдургуур, бурдургуур, уһуурар
    Д. Кустуров
  • Тыаһаан-ууһаан, силлиэрэн түс, уһуутуу тыаһаа (хол., силлиэ). Θ Подняться с шумом, бушевать (напр., о буре). Халыан холорук хаһыыран, Хаҥыл биһикпин хачайдаабыта, Омуннаах буурҕа уһууран, Оттоох уйабын бигээбитэ.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (2)
  • Киэҥ туундараҕа Муустаах байҕал кимиэллээхтик да уһуурар буолар эбит.
    А. Сыромятникова
  • Кыыдааннаах тымныынан хаарыйан Бусхаат тыал уһуура да турдун – Ийэлии итиитик айхаллаан Көрсүөҕэ хотугу мин дойдум! П. Ламутскай (тылб.)

3 этии #

Нууччалыы Резко обдаваться вверх; с грохотом устремляться ввысь

  • өрө уһуур – туруору, үөһэ өрө көтөн таҕыс; дохсун тыастаахтык үөһэ үрдүккэ көт Маҥнай Везувий үрдүнэн хара буруо халлааҥҥа тиийэ өрө уһууран тахсыбыта.
    Н. Якутскай
  • Массыына хара тордох буруонан бургучуйда, онтон эмискэ иһиттэн сүүнэ улахан кыһыл төлөн өрө уһууран таҕыста.
    И. Никифоров
  • Аракыаталар тыаһаан-ууһаан, уот оноҕос буола өрө уһууран, хараҥа халлааҥҥа өрө харбаһан тахсаллара.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • [Кыргыһыы кэмигэр] кутаа уотунан өрө уһууран, дьиэлэр сууллаллара, тыас-уус, буулдьалар быысталы биэрбэккэ чыыбыгырас тыастарыгар киһи арааран өйдүөх буолбатах. А. Бэрияк

«У» буукуба