Перевод с якутского
хаадьы
аат тыл
Нууччалыы подшучивание, подтрунивание над кем-л., насмешка
1 аат тыл #
, кэпс. Киһини дьээбэлээһин, күлүү-оонньуу аҥаардаах элэктээһин
Нууччалыы Подшучивание, подтрунивание над кем-л., насмешка
Мин Мэхээчэ хаадьытыттан хал буолан, бэрики кыһаммаппын, кистээн Аайтаны көрөн аһарабын. Далан Арай кини хаадьыга тиллэн, харахтыын үөрэн мичээрэн кэлээччи, онно да улаханнык саҥа аллайан күлбэт. М. Доҕордуурап Баһычча Баһылай дьиэтин иһигэр элбэх саҥалаах, көрүдьүөс кэпсээни, кыралаан ыстырыыһы, хаадьыны таптыыр, сэргэх ис киирбэх киһи ХС
2 этии #
Хаадьы буолла кэпс. – туохтан эмэ сылтаан тугу да гынара суох буолан хаал, оҥоруохтааххын оҥорума Массыына кэлбэккэ хаадьы бөҕө буолла. ЯРС.
Нууччалыы Вынужденно бездельничать, простаивать, задерживаться
Этиилэр
Хара ыт хаадьыта көр ыт II
Кинилэр хара ыт хаадьыта оҥостор киһилэрэ буолбатах. "ХС"
3 этии #
Нууччалыы Превращать кого-что-л. в объект для насмешек, шуток
Этиилэр
Хаадьы оҥоһун
күлэн-оонньоон кими эмэ дьээбэлээ, хаадьылаа; кими эмэ күлүү-гын, ыыстаа Хас халлаан үөнэ Хаадьы оҥостон ааһар Оҕо киһилэрэ Мин эбиппин ээ?!
Оҕо эрдэхпиттэн миигин Оҕолуун, улаханныын Хаадьы оҥостон тахсаллара, "Халлаан уола" дииллэрэ. Урсун. [Марина:] Баҕар, акаары кыыһы хаадьы оҥоһуннахха хайдах буолар эбит диэтэҕэ диэммин, бэрт эрэйгэ сырыттым. "Чолбон". Ср. монг. хач ‘курьёз’