Перевод с якутского
хаамыс
Нууччалыы соотв. идти в ногу с кем-чем-л
этии
Тэҥҥэ хаамыс кэпс. –кимтэн да, туохтан да хаалсыма, тэҥ буол Композитор, мелодист Ф. Корнилов олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсан испитэ. И. Федосеев. Ыаллыы холкуос күрэхтэһиигэ тэҥҥэ хаамсан иһэр. "Кыым"
Нууччалыы соотв. идти в ногу с кем-чем-л
хаамп диэнтэн холб. туһ. Эмиэ саҥата суох хаамсан, балаҕаннарын тэлгэһэтигэр киирдилэр. Амма Аччыгыйа Дьон эмиэ туран хаамсан суугунастылар уонна биир сиргэ баран төбүрүөннээн олордулар. М. Доҕордуурап Хаарчахха киирээттэрин кытта, сүөһүлэр даллаҕар кулгаахтарынан сапсымммахтаан, ыҥырана-ыҥырана, оҕонньорго утары хаамыстылар. Л. Попов