ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хабылын

туохтуур

Нууччалыы вздуваться пузырём, покрываться волдырями

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Тирииҥ аннынан ууланан өрө үллэн, иһэн таҕыс

Нууччалыы Вздуваться пузырём, покрываться волдырями (о коже)

  • Сэмэн икки атаҕын тарбахтара биир дэхси буола хабыллан хаалбыттар.
    Н. Якутскай
  • Миитээ хап-сабар ойон туран, хабыллыбыт ытыстарыгар силлээмэхтээтэ.
    Е. Неймохов
  • Модугудьааҥҥа тиийиибэр атаҕым уллуҥаҕа хабыллан, аһыйан, кыайан хаамтарбат буолла. Хомус Уйбаан. Ср. ДТС хабар ‘вздуваться, распухать’
II

2 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. Ыраахха диэри эҥсиллэн хабыгырыы тыаһаа, оннук тыаһы таһаар (хол., тоҥ буорга ат туйаҕа тыаһыырын этэргэ)

Нууччалыы Издавать частые дробные, громкие раскатистые звуки (напр., о топоте копыт лошади, бегущей по мёрзлому грунту)

  • Лоҥкуудаҕа хабыллар сүгэ тыаһа хатан тымныыны кытта хатыста.
    М. Доҕордуурап
  • Иккис ат туйаҕын тыаһа илин диэки хабылла турда.
    Р. Кулаковскай
  • Күлүмнүү оонньоото чаҕылҕан, Этиҥнэр уордаахтык хабылла Хабараан дарбааны тартылар
    И. Федосеев

3 этии #

Этиилэр

Өрө хабылла түс көр түс I

  • "Эмээхсиэн, эн итиннэ ньаамырҕаабакка олор!" – Сыллай эмээхсини ситэ саҥарпакка өрө хабылла түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • "Тоҕо саанаҕын?!" – Дьэбдьиэ эмискэ өрө хабылла түстэ.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Ол оннугар уола Баанньа өрө хабылла түспүтэ. Ойуку

4 этии #

Этиилэр

Өрө хабылла түс көр түс I

  • Эмискэ дапсы тыаһа өрө хабылла түспүтэ.
    Далан
  • Эмискэ күөл диэки саа тыаһа өрө хабылла түстэ.
    П. Егоров
Өссө холобурдар (1)
  • Көрүдүөр иһигэр ытыс тыаһа өрө хабылла түстэ.
    ПНИ ДКК

Уот хабылла түс

өрө хабылла түс диэн курдук (көр түс I).

  • Таһырдьа тахсан истэҕинэ, үгэх аанын тыаһа уот хабылла түһэр.
    Саха фольк
  • Сонно тута саалар тыастара уот хабылла түһэр.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Далтан тэйэн эрдэҕинэ, Куонаан дурдатыттан саа тыаһа уот хабылла түстэ. Н. Заболоцкай
III

5 этии #

Нууччалыы Самый центр, самая середина чего-л

  • хап I диэнтэн бэй., атын. туһ. Хата, Витюшкабыт бастакы категорияҕа хабыллан, төлөбүрэ суох үөрэххэ киирбит.
    Т. Находкина
  • Сайын тэрилтэлэр бары оттооһуҥҥа хабыллаллар, оттон пиэрмэҕэ оскуола оҕолоро, устудьуоннар көмөлөһөллөр. ТССКС. Хабылыга суох хабылык хабыллыбат. ВПК СОо
  • хаба ортото – туох эмэ саамай ортото, киинэ Сэмэн оҕонньор сонуок хабыллар хаба ортотунан хайа тыырдаран эрэр эбит.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Ойуур хабыллар хаба ортотугар быычыкайкаан балаҕан оҕото турара.
    Д. Таас
  • Дабыыт дэриэбинэни хабыллар хаба ортотунан киирэн, тус хоту салаллар. И. Никифоров

«Х» буукуба