ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хадьымал

аат тыл

Нууччалыы срезанные стебли, оставшиеся на корню после покоса, жатвы, жнивьё, стерня

1 аат тыл #

Охсубут, быспыт кэнниттэн сир кырсыгар хаалар от, бурдук умнаһын төрдө, төрдүгэһэ

Нууччалыы Срезанные стебли, оставшиеся на корню после покоса, жатвы, жнивьё, стерня

  • Хадьымаллааҕар кыра, хаҥыллааҕар күүстээх (тааб.: дулҕа). Маайа сототун от хадьымала хайыта кэйэн, атаҕа хаанынан устара.
    Н. Якутскай
  • Хаппытыан атын хаамтаран, улахан киэҥ бааһына хадьымала кубарсыйан турдаҕына, быһа туораабакка, айан аартыгын диэки салайа тутта
    А. Сыромятникова

2 аат тыл #

Охсуллан, оттонон эрэр сир, оттоно сылдьар ходуһа

Нууччалыы Скошенный луг, скошенное поле

  • Онтон киһитэ, дьэ туран аһыыр уонна оттуур хадьымалын ыйдарар.
    Саха фольк
  • Хадьымалга ким-хайа иннинэ Томпо уонна Уус Алдан оройуоннарын отчуттара киирдилэр
    Кыым

3 этии #

Этиилэр

Хадьымалла саҕалаа көр саҕалаа

  • Охсуллубут от сытын Олус да таптыыбын: Санатар оҕо сааспын, Хадьымал саҕалыырбын.
    Баал Хабырыыс
  • Оҕом хадьымал саҕалыырыгар бу ийэтин хотуурун оҥорон биэриэҕим.
    В. Иванов
Өссө холобурдар (2)
  • Улаатаат, кустук өҥнөөх хотуурунан аҕабар хадьымал саҕалаабытынан барбытым.
    ХС
  • Ср. чув. хамал, башк. камыл ‘стернь (остатки стеблей злаков и травы после жатвы и покоса)’

«Х» буукуба