ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хайыһар

аат тыл

Нууччалыы лыжи.

English ski

1 аат тыл #

Атахтаргар кэтэн баран, хаарынан уйдаран сылдьарга, сүүрэргэ аналлаах тумус өттө иэҕиилээх уһун хаптаҕай мас эбэтэр былаастык оҥоһук

Нууччалыы Лыжи. Халысханнаах сыырдарбар Хайыһарбын салайдым, Ыраас кылбаҥ хаардарбар Ыллыы-туойа дьаарбайдым. П. Тобуруокап. Хайыһар кэтэр, Хаҥкы тэбэр Кэрэ күһүн Кэллэ бүгүн. Т. Сметанин. // Оннук оҥоһугунан күрэхтэһэр спорт көрүҥэ. Вид спорта: бег на лыжах, соревнования по лыжам. Өнөр уола Черноградскай Борокуопай хайыһарга барыларыттан чорбойоро. КНЗ ОО

2 этии #

Нууччалыы След, накатанный лыжами, лыжный след; лыжня

Этиилэр

Туут хайыһар көр туут

  • Оскуолаҕа киирэр сылыгар аҕата киниэхэ быыкаайык туут хайыһар оҥорон биэрбитэ.
    С. Никифоров
  • Абаҕата Ичээнэп оҕонньор оннооҕор бугуһуйбут кыыл таба үөрүн туут хайыһарынан ситэрэ.
    А. Кривошапкин

Хайыһар суола

хайыһарынан сылдьыллыбыт суол; хайыһарынан сылдьарга аналлаах суол Кини түстэ да – хайыһар суолугар иҥнэ биэрдэ. Амма Аччыгыйа. Кини кэнниттэн Эрбантей бэлэм хайыһар суолун устун тайаҕынан чиэстэнэн арычча хааман батыспытынан барда. Эрилик Эристиин. Эрдэ тиэстибит хайыһарым суола, кыраһа да баттаатар, көстөр. Н. Борисов. Хайыһар уктаһа түөлбэ. – тыаһа суох буоллун диэн хос кэтиллэр эһэ тириитинэн тигиллибит кылгас этэрбэс.

Короткие торбаса из медвежьей шкуры, надеваемые поверх обуви в целях заглушения возможного шума.

  • Булчут хайыһар уктаһын куурда уурда. Ср. туркм. гаймак ‘скользить’, юкаг. кайсар ‘лыжи’

«Х» буукуба