ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

халы

Нууччалыы аляповатый, грубый, неаккуратный, так себе

халы мааргы – 1) салаҥ, мөлтөх, олус судургу оҥоһуулаах (оҥоһук, тутуу туһунан)

Нууччалыы Аляповатый, грубый, неаккуратный, так себе (об изделиях, сооружениях)

  • Ол эрээри ох саа таһыгар олус халы мааргы оҥоһуулаах гынан баран, бөдөҥ-садаҥ үҥүүнү, эһэ тайыытын, онтон да атын булт сэбин-сэбиргэлин көрөн баран, бары даҕаны хайдах эрэ саҥаларыттан маппыттара.
    Далан
  • Халы мааргы моонньохтоох сэргэҕэ ханнык эрэ тыҥырахтаах кыылы маһынан оҥорон олорпуттар.
    М. Доҕордуурап
  • Саад улаҕатыгар икки мэндиэмэннээх халы мааргы оҥоһуулаах сарай баара. А. Гайдар (тылб.); 2) куһаҕан көрүҥнээх, томороон (сирэй быһыытын этэргэ). Θ Невзрачный (о лице). Мардьааһай сирэйинэн халы мааргытын иһин, баай-тот киһи оҕото.
    Т. Сметании
Өссө холобурдар (7)
  • Халы мааргы, кып-кыһыл, баҕыстыгас сирэйдээҕин иһин Баҕыстар Баһылай диэн ааттаммыт.
    Р. Кулаковскай
  • Маарыйа дьүһүнүнэн халы мааргы, хата, ол оннугар куруутун киэргэнэр. ССЛИО; 3) сиэрэ суох; тоҥкуруун, куруубай. Θ Бессовестный, нечестный; подозрительный, не внушающий доверия. Халы мааргы, кэрэгэй дьоннор, хомойуох иһин, билигин олус кэмчитэ суохтар. Софр. Данилов. Инсэньиэрбит үс тыллаах этиини сатаан оҥорбот халы мааргы тойооску буолан биэрдэ.
    И. Бочкарёв
  • Миигин кытта Баринов диэн халы мааргы, киһиргэс, күөх сүрэх, хобуоччу уонна дьэллик киһи эмиэ доҕордоһоро. М. Горькай (тылб.); 4) куруубай, толоос (тыл-өс). Θ Грубый, непристойный (о речи). Сорох табаарыстар тыллара-өстөрө халы мааргы, култуура өттүнэн намыһах буолар.
    В. Титов
  • Күннүк Уурастыырап халы мааргы тыллаах-өстөөх, сытыы, бэргэн уобарастара суох айымньылары туох баарынан сирэйгэ этэртэн тардыммат.
    ХС
  • Мардьааһай халы мааргы тыллаах-өстөөх -- киһи. КНЗ ТС; халы мааргытык – модорооннук; толоостук. Θ Топорно; грубо. Халы мааргытык баллырдаан суоруллубут сыҥаһалардаах хас да оронноох.
    Г. Колесов
  • Ол тугуй даа?! Дьүөгэм, бэйэҕинэн Халы мааргытык ыйыттаххын даа!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Тылы-өһү мээнэ халы мааргытык туттар дьону хас биирдии киһи тута билиэн сөп
    В. Кондаков

«Х» буукуба