ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

халыччы

сыһыат

Нууччалыы через край

1 #

сыһ

  • Николай Степанович балык сыатын халыччы кутан, ньалҕаарыччы сотто.
    ХС
  • Буспут собо тылын үрдүгэр халыччы сүөгэйи кутуллар. ТИИ ЭОСА. [Оһолун эмин] Харбаан ылан, хааннаммыт сиригэр Харса суох халыччы кутта
    Күн Дьирибинэ

2 #

Халыйан киэҥ сири хабарын курдук, тугу эмэ таһынан барарын курдук (кут – убаҕаһы этэргэ)

Нууччалыы Так, чтобы широко разливалось (о жидкости, о чём-л. жидком), через край (лить)

3 #

Туора барар, халыйар курдук

Нууччалыы Сходя, сворачивая, отклоняясь от заданного направления

  • Хаамтарбакка даҕаны Халыччы сүүрдэн, Атын дойдуларга атааран кээһэр Албастаах буолар эбит.
    С. Зверев
  • Тыраахтар бырысыаба халыччы охсулла сатыыр да, күүскэ тардыы бэрдиттэн сүнньүн булла турар
    У. Нуолур

«Х» буукуба