ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

халыып

аат тыл

Нууччалыы форма для литья

English template

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Тугу эмэ уулларан баран кутан оҥорор киэп

Нууччалыы Форма для литья

  • Арарбаас "тарбаҕа" алтаны кыбытта. Араас суол халыыбар түһэрэн халытта, Эҥин суон тимири тиэстэлии мэһийдэ. Таллан Бүрэ. Тимир халыыптар түгэхтэригэр "БСС" диэн буукубалар хомурута охсуллубуттара.
    ХС
  • Скульптура – туойу мэһийэн, тааһы эбэтэр маһы суоран, металы уулларан, халыыпка кутан уус-уран айымньылары оҥоруу ускуустубата
    КФП БАаДИ
  • Туох эмэ оҥоһукка киэп (хол., килиэп буһарарга). Θ Форма для чего-л. (напр., для выпекания хлебобулочных изделий). Кыыстаах уол иннигэр кэрдиистээх халыыпка кутуллан буһарыллыбыт килиэп уонна минньигэс бөрүөк туруоруллубут этэ. Ойуку. Дырыһааҥкыны халыыпка кутарга буспут сымыыты төгүрүк гына элийтэлээн угуохха сөп. Дьиэ к. Аны бэкээринэ суоҕа. Килиэп халыыбын биэрэннэр, оһохпутугар бэйэбит буһарынабыт
    ОҮҮА
Өссө холобурдар (1)
  • Саа буулдьатын кутан оҥорорго аналлаах хаптаҕай чыскы: биир өттүгэр буулдьа кээмэйигэр сөп түбэһэр хаһыллыбыт оҥхойдоох, онно ууллубут сибиниэһи кутан, сойутан баран атыттахха, бэлэм буулдьа холкутук түһэр. Θ Форма для отливки пуль: плоскогубцы, с одной стороны губок которых высверлено углубление, соответствующее величине и форме пули, залив в это углубление расплавленный свинец, и дав ему остыть, разжимают, тогда готовая пуля свободно выпадает. Сибиниэс кылааккын Элийэ суоруоҕум: Уулларан ыламмын Халыыпка кутуоҕум
    С. Васильев

2 аат тыл #

тыл үөр. Грамматическай көстүк көрүҥэ

Нууччалыы Грамматическая форма. [Аат туохтуур] сирэйдэнэр халыыба этиигэ кэпсиирэ буолар

  • СБТМ. Сыһыат халыыба аат тылтан, солбуйар ааттан уонна аат туохтууртан буолуу сыһыатын үөскэтэр. ФГГ СТ

3 аат тыл #

Куруук биир мээрэй, биир киэп

Нууччалыы Шаблон, стандарт, модель

  • Соторутааҥҥа диэри үөһэттэн халыып курдук ыйаах наһаа элбэҕэ муҥнуура.
    П. Егоров
  • Уруок оҥкула биир халыып буоларын ирдиир сатаммат. СОТТҮө. Уонча сыллааҕы халыыбынан кэпсэтии бара турар. "Кыым". Саха төрүт итэҕэлэ дириҥ силистээх-мутуктаах, элбэх өрүттээх буолан, биир халыыпка кыайан киирбэт
    ВВЕ СТИ

4 этии #

Нууччалыы Единицы словообразующих и словоизменяющих морфем

Этиилэр

Тыл халыыптара

халыыбы үөскэтэр уонна тылы уларытар өлүүскэлэр биирдэмнэрэ Тыл халыыптара бары биир халыыбынан уларыйаллар. СБТМ. Халыыпка баттааһын эргэр. – үрүҥ көмүһү анал халыыпка кутан, баттатан, таптайан киэргэл, симэх оҥорор саха көмүсчүттэрин (симэх-тиэрбэс уустарын) туттар ньымалара.

Приём обработки серебра давлением или чеканкой у якутских мастеров-серебряников (кузнецов-мастеров по мелким украшениям), штамповка.

  • Билигин халыыпка баттааһын ньымата умнуллубут. Тюрк. калып

«Х» буукуба