ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хамнас

аат тыл

Нууччалыы плата за работу, заработная плата

English salary

1 аат тыл #

Үлэ иһин бэриллэр харчы, төлөбүр

Нууччалыы Плата за работу, заработная плата

  • Үлэлиибин-үлэлиибин – хамнаспын биэрбэттэр (тааб.: сиппиир). Рая бүгүн маҥнайгы хамнаһын ылла, Кини үлэтэ бүгүн аан маҥнай сыаналанна.
    И. Гоголев
  • [Петя:] Туох иннигэр хамнас ыларбын сатаан толкуйдаабаппын
    С. Ефремов

2 этии #

Нууччалыы Работать по найму, наниматься на работу

  • Хамнаска киир (сырыт) эргэр. – төлөбүр иһин кэпсэтэн үлэлээ Марба чугас Туораах диэн ыалга, нэһилиэк баайыгар, хамнаска киирдэ.
    Күндэ
  • Кытаатан хамнаска кииримээр, Бэйэҕин көрүнэр киһи буол!
    Эрилик Эристиин
  • Хамнаска сылдьан хааннаах хара көлөһүммүнэн айахпын ииттэн баччаҕа тиийбитим. Дьүөгэ Ааныстыырап. "Иккиэн хамнаска сылдьаҕыт дуо?" – Александр кэпсэтиини уларытта. М. Доҕордуурап

«Х» буукуба