ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хандаа

аат тыл

Нууччалыы лиственничный шест, укрепляемый на козлах, к тонкому концу которого прикреплена петля на зайцев, тетеревов и т. п

1 аат тыл #

Куобах эбэтэр мас көтөрө туһахха иҥиннэҕинэ, өрө ыйаан таһаарар уһун ураҕас, куобах туһаҕын тэптиргэтэ

Нууччалыы Лиственничный шест, укрепляемый на козлах, к тонкому концу которого прикреплена петля на зайцев, тетеревов и т. п

  • Байаҕантай кыһыйа санаата, онтон ойуур саҕатыгар икки хандаата турарын өйдүү биэрдэ.
    Болот Боотур
  • Арай суордар хандааны тыыппаттар.
    И. Федосеев
  • Иҥнибит куобах бүтүн ордорунан булт тэрилин хайа да көрүҥүттэн хандаа ордук
    ПМВ ССК

2 аат тыл #

Оҕо оонньуута: уһун хаптаһыны ортотунан маска биллэҕэ ууран баран, икки баһыгар олорон эрэ хардары-таары биэтэҥнэтэ оонньооһун

Нууччалыы Детские качели – балансир на оба конца доски, перекинутой через какую-л. поперечную балку, садятся и раскачиваются поочерёдно, перетягивая друг друга тяжестью

  • Биһиги, оҕолор, дьиэбит чугаһыгар хас да анал хандаалаахпыт.
    ХС
  • Ср. др. -якут. ханда ‘поднять, задрать голову’

«Х» буукуба