Перевод с якутского
хараарыы
аат
хараар диэнтэн хай. аата. Маҥан биэ барбыт, сиэр биэ сиэлбит, кэрэ биэ кэлбит (хаар хараарыыта, саас кэлэн ааһыыта, сайын кэлиитэ). Саха фольк [Лэкиэс:] Хайа, мин ылбытым да диэн Хаар хараарыыта кэлэн, Хардаҥ от харайтаран, Хара хапсыыртан халбарыйбытым, Харчыта хаһын да билбэппин. А. Софронов Хаар хараарыыта, а. э. хаар ууллубутун кэннэ төрөөбүт кулун ордук улаатааччы. АНП ССХТ