Перевод с якутского
хардыы
аат тыл
Нууччалыы движение ног при ходьбе, шаг
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Атыл, хаамыы
Нууччалыы Движение ног при ходьбе, шаг
Түргэнник заставаҕа тиийэн хорҕойо охсоору хардыыбын кэҥэппитим. Н. Якутскай Дьаҕыллаан маҥнай биир хардыыны оҥороот, байааттаҥнаан ылбыта. И. Федосеев Дабыыт сүгэни көрдөөн тардыллан кэнники хаалбыта, онтон дьону ситэн ааһыталаары хардыытын эбэн биэрбитэ И. Никифоров
2 аат тыл #
Уста кээмэйэ: хаамарга бастакы атах үктэммит сириттэн иккис атах үктэлин икки арда, ырааҕа
Нууччалыы Расстояние от одной ноги до другой при ходьбе, шаг как мера длины. [Метроҕа] сороҕо түөрт муннуктаах, сороҕо төгүрүк -- харыстан ордук халыҥнаах, балтараа ыллар хардыы туоралаах, бүтэйдии кутан оҥоһуллубут бетон биһилэхтэри бэйэ-бэйэлэригэр ыпсартаан туруортууллар эбит
[Булчут] балааккаттан хас да хардыылаах сиргэ кыабас оҥорон, туттар сэптэрин, малларын дьаарыстыы уурталаабыт. Н. Абыйчанин Муҥхаларын тардан да диэн үөтэлээҕи сыҕарыппатылар, үс-түөрт хардыы эрэ сири хамнаттылар. Доҕордоһуу т
3 аат тыл #
Тугу эмэ гынарга сорунуу, холонуу, тугу эмэ оҥоруу
Нууччалыы Действие, поступок
Инникитин да Вералаах ити хайысханы тутуһуохтара. Бастакы хардыы саамай сөптөөхтүк оҥоһуллубут курдук. Далан Иван аан маҥнайгыттан хардыыта хоннохтоох. Н. Кривошапкин Балбаара бу быһаарыныыта дьахтар уобараһын байытар, саҥа хардыы буолар ХС
4 аат тыл #
үрд. Туох эмэ иннин диэки хаамыыта, хамсааһына, сайдыы кэрдииһэ (хол., үүнүү-сайдыы)
Нууччалыы Достижение, успех, шаг (в развитии)
Орто үйэлэргэ, былыргыны кытта тэҥнээтэххэ, киһи аймах хаһаайыстыба уонна культура сайдыытыгар инники диэки бөдөҥ хардыыны оҥорбута. АЕВ ОҮИ. Ити икки уолаттар ол сылтан ыла спортка киэҥ хардыылара саҕаламмыта. ССТ [Семён Данилов:] Саха литературата билигин бүтүн Сэбиэскэй Сойуус ааҕааччыларыгар биһирэтэр гына, лаппа улахан хардыыны оҥордо ХС
5 этии #
Нууччалыы Повсюду, везде
Этиилэр
Хас хардыы аайы
ханна баҕарар, сир ахсын Урукку эйигин эккирэтэр, хас хардыыҥ аайы тоһуйа сылдьар.
[Татыйаас:] билигин мин дьол туһунан таҥараҕа тиксэр кэриэтэ санаан ааһабын. Оттон сору хас хардыым аайы көрсөбүн. М. Доҕордуурап Саха киһитэ былыр-былыргыттан сыһыы муҥунан сыспай сиэллээхтэниэҕин баҕарар. Ырыаҕа-тойукка, алгыска итини хас хардыы аайы истэҕин. Багдарыын Сүлбэ