ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаҕыстык

Нууччалыы грубо, неласково, сердито

1 #

Кыыһырбыт курдук, дьэбирдик, тоҥуйдук

Нууччалыы Грубо, неласково, сердито

  • Бэйи эрэ, эн тоҕо хаҕыстык кэпсэтэҕин?
    Амма Аччыгыйа
  • Хаан өстөөҕүҥ да ийэтин Кынчарыйыма хаҕыстык, Ийэ аата ийэ син, Таҥара курдук ытык.
    И. Гоголев
  • Никон умуллубут оһоҕун булкуйа-булкуйа, өрүкүйбүт күлгэ-көмөргө чачайа-чачайа хаҕыстык хардарда
    Э. Соколов

2 #

Тымныытык, тыйыстык (хол., тыалыр)

Нууччалыы Холодом (веять), стужей (тянуть)

  • Хонон турдах аайы халлаан хаҕыстык тыалырар, сотору-сотору ардыыр, эмиэ да өксүөннүүр буолла.
    В. Сыромятников
  • Күһүн кэлэн иһэр буолан, хотуттан хаҕыстык аҥылыйталыыра
    В. Протодьяконов

«Х» буукуба