ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаҥынай

туохтуур

Нууччалыы говорить невнятно, в нос, гнусавить, гундосить

1 туохтуур #

Чуолкайа суохтук хоҥсуолаан саҥар

Нууччалыы Говорить невнятно, в нос, гнусавить, гундосить

  • Сэмэн хараҕа суох Сүөдэргэ тугу эрэ сэһэргээн хаҥынайар.
    Амма Аччыгыйа
  • Эдэр эписиэр букатын уолуйан хаалла, тугу эрэ киһи өйүгэр киирбэти хаҥынайда, оттон аҕа эписиэр быһаара сатаата. МП ККС. [Оҕолор] Саҥалара суоҕа, саҥарбыттарын да иһин киһи истибэтин курдук хаҥынайаллара, быһыылара-таһаалара да букатын түҥнэритэ
    Кыым

2 туохтуур #

Хоҥсуолуур курдук саҥаны таһаар, оннук саҥар (хаас саҥатын этэргэ)

Нууччалыы Гоготать (о гусях)

  • Хааһа: "Хааллаҕыҥ!" – диэбит курдук хаҥынайа түһээт, өрө көтөн, киэҥ халлааҥҥа быластана турбут.
    Амма Аччыгыйа
  • Мин тарбанаары хамсыыбын, эмискэ бэрт чугас хаас саҥаран хаҥынайар.
    Н. Якутскай
  • Кини [Витя] ууга даҕаспытынан киирэн, хааһы ситэн ылан, үрдүгэр саба түһэн истэҕинэ, хааһа хаҥынайбытынан халбарыс гынан биэрдэ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. алт. каҥыра ‘греметь, звенеть; разноситься, раздаваться’

«Х» буукуба