ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаһыат

аат тыл

Нууччалыы периодическое издание в виде больших листов, в котором публикуются новости, материалы о разных текущих событиях, газета

English newspaper

1 аат тыл #

Күннээҕи олохтон араас сонуннары нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар анаан сырдатар күннэтэ эбэтэр нэдиэлэҕэ, ыйга хаста да тахсар, улахан лиистэргэ бэчээттэнэр таһаарыы

Нууччалыы Периодическое издание в виде больших листов, в котором публикуются новости, материалы о разных текущих событиях, газета

  • Хаһыакка Н. Г. Чернышевскай мэтириэтэ уонна бүтүн сирэйи толору кини туһунан ыстатыйа бэчээттэммит.
    Амма Аччыгыйа
  • Симон олбуорун таһынааҕы ыскаамыйаҕа, хаһыат тэлгээн баран, кинигэ ааҕа олороро.
    Л. Попов
  • Аан дойду балаһыанньатын Оҕонньор аахта хаһыаттан
    Баал Хабырыыс

2 этии #

Нууччалыы Рукописное или машинописное издание, вывешиваемое на стене какого-л. учреждения, заведения и т. п., стенная газета, стенгазета. [Тима] оскуолаҕа истиэнэ хаһыатын, илии сурунаалын ойуулуура, киэргэтэрэ

Этиилэр

Истиэнэ хаһыата

олохтоох хайа эмэ тэрилтэ иһинэн илиинэн оҥоһуллан эбэтэр бэчээттэнэн тахсар истиэнэҕэ ыйанар хаһыат КНЗ ТС. Орто үйэлэргэ киһи тас дьүһүнүнэн кини ис хараахтарын сатаан биэрбэт буолан, үүт-үкчү билигин истиэнэ хаһыатыгар ойууланар карикатура курдук, айаҕыттан таһаарыллыбыт лиэнтэ төгүрүгэр бу киһи "хоһуун" эбэтэр "бэрдимсик" диэн суругунан быһаараллара. ФЕВ УТУ. Хаһыат (хаһыат-хаһыат) сирэйин бараа кэпс. – хаһыакка олус элбэхтик таҕыс, бэчээттэн, хаһыат нөҥүө дьоҥҥо биллэр буол.

Часто мелькать на страницах газет, получать известность, стать популярным через прессу.

  • Холкуос аатырда, хаһыат сирэйин бараата.
    Г. Нынныров
  • Эчи, салҕан да хааллыбыт. Хаһыат сирэйин бараата.
    ХС

«Х» буукуба