Перевод с якутского
хобо
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы колокольчик, бубенчик для скотины
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Сүөһү моонньугар иилиллэр, баайыллар, чуорааннааҕар бөдөҥ тыаһыыр тэрил
Нууччалыы Колокольчик, бубенчик для скотины
Аттар хоболоро биир кэм чугдаарар, тыыннара бусхаҥныыр. В. Гаврильева Ойуун түөһүгэр араас өҥнөөх өстүөкүлэ оҕуруолары, тимир быластыыҥкалары уонна хоболору ыйаабыт тириини тиктибит этэ. МС МК. Ынахтарым маҥыраһаллар, хааман тоһурҕаһаллар, хоболоро хоҥкунуур. Л. Пантелеев (тылб.)
2 аат тыл #
Кыыл, сүөһү кутуругун төрдүнээҕи үрүҥ түүлэрэ
Нууччалыы Белая кисточка на корню хвоста животных
Ыт кутуругар хоболооҕор дылы (өс ном.). Бэрэмэдэй тиһигиттэн маҥан хоболоох кутурук быга сылдьар. И. Гоголев Кини биир кумалаантан кутуругар хоболоох, маҥаас сирэйдээх, элэмэс дьүһүннээх тииҥи өлөрбүтэ ДьДьДь Хобо ыаҕайа. ПЭК СЯЯ. Туманы бүрүммүтүнэн таба саҕынньахтаах, кырса тириитэ бүүрүктээх хобо бэргэһэлээх, мууһурбут бытыктаах нуучча киһитэ бэрикис гына түспүтэ И. Федосеев
3 даҕааһын #
суолт. Үрдүк, хороҕор
Нууччалыы Высокий, длинный
4 этии #
Нууччалыы соотв. пустая голова
Этиилэр
Хобо мэйии
акаары Туох буолбут хобо мэйииний.
"Кыым"
5 этии #
Нууччалыы Бубенчик, колокольчик
Этиилэр
Хабарҕа хобото көр хабарҕа
Хобо от бот. – хобо, чуораан курдук быһыылаах сибэккилээх хонуу үүнээйитэ Күндүл ууга күөрчэҕи таммалаппыттыы, хобо от сибэккилэрэ туналыһан көһүннүлэр. В. Миронов Ср. ДТС хобы, ховы ‘пустой, полый’