Перевод с якутского
хойох
аат тыл
Нууччалыы недоваренный остаток, сгусток пищи в желудке животного. [Тайах] ханнын хойоҕун бытарытан, супту көтөн киирэн иҥнибит буулдьаны ороотулар
1 аат тыл #
Харамай ыйыстыбыт аһа, куртаҕыгар киирэн баран, ситэ буспакка сылдьара
Нууччалыы Недоваренный остаток, сгусток пищи в желудке животного. [Тайах] ханнын хойоҕун бытарытан, супту көтөн киирэн иҥнибит буулдьаны ороотулар
Сайын бултаммыт балыгы хойоҕун хостоон кэбиһэр ордук СГФ СКТ
2 аат тыл #
Кистэлэҥ, кэтэх санаа
Нууччалыы Скрытый умысел, тайное намерение, задняя мысль
Пётр Николаевич Дима диэки көрө-көрө бүтэйдии мүчүйэ олордо. Ол ханнык да хойоҕо, хом санаата суох истиҥ мичээр уолусхан Диманы төбөтүттэн имэрийэргэ дылы С. Федотов
3 этии #
Нууччалыы Вспоминать нанесённую когда-л. кем-л. обиду; разоблачать кого-л. [Күтэр Бороҥкууйап:] Икки тараҕай быттаспыттарыгар дылы хойоххутун хостоһумаҥ
Этиилэр
Хоһоҕун (хоймоҕун, хойоҕун) хостоо (хостос)
ким эмэ урут туох эмэ куһаҕаны оҥорбутун санаан кэл, ким эмэ итэҕэстэрин була сатаа; кими эмэ саралаа И.
Гоголев. Куһаҕан хостуо хойоҕун, Кур киилии бүтүннүү ыскайдыа, Урукку уруургуур дьоннорун Уҥуоҕун билбэккэ ыйыстыа. ХС
Хойох хостоһуу
бэйэ-бэйэни урукку-хойукку айыынан-харанан сирэй-харах анньыы, хардарыта буруйдааһын.
Взаимные обвинения в связи прошлыми грехами, обидами.
Хойох хостоһуута саҕаланнаҕына, бэрт да соҕус бэттэр, үчүгэйгэ да дылы өлбөөдүйэр. Э. Соколов Кэпсэтиигэ тыл этээччи элбэх буолбута, хойох хостоһуута даҕаны биллитэлээн ааспыта, мунньах сүрдээҕин тардыллыбыта. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
Итинтэн ыла саҕаланнаҕа дии, бу биэс сууттанааччы икки ардыларыгар хойох хостоһуута, истэрин тиэрэ тэбэһиитэ. СҮК