Перевод с якутского
хойуутук
сыһыат
Нууччалыы часто
Ис хоһооно · 5
1 #
сыһ
Мичил онус кылааска үөрэнэ киирдэҕин күһүн куобах хойуутук үөскээбитэ. И. Федосеев Балаҕаччы дэриэбинэтигэр дьон-сэргэ, саамай улуу ыһыахтарга мустарын курдук, хойуутук мустубут. Багдарыын Сүлбэ. Ардахтаах дьылга тэллэй хойуутук үүнэр. УГС ССКОТ. Сайын туундараҕа араас үөн-көйүүр: кумаар, оҥоойу, бүгүлэх наһаа хойуутук түһэр КЗА АҮ№
2 #
Биир сиргэ элбэхтик, үгүстүк (хол., үөскээ, муһун)
Нууччалыы В большом количестве, густо, плотно
3 #
Субу-субу, сотору-сотору, чаастатык буол
Нууччалыы Без перерыва следуя один за другим, быстро, часто (об отдельных моментах чего-л., о движениях, звуках и т. п.)
Кини кэпсэтиитин быыһыгар "эй-ээх" диэн тылы хойуутук туттааччы. М. Доҕордуурап [Бандьыыттар] биир түүн бүлүмүөт, саа уотун хойуутук аһан дэриэбинэ түөрт өттүнэн атаакалыы сырыттылар. П. Филиппов Табахсыт киһи сүрэҕэ ордук хойуутук уонна ыарыылаахтык тэбэр. ЩМФ КБ
4 #
Биллэр гына, күүскэ (хол., ардах, сиик туһунан этэргэ)
Нууччалыы Насыщенно, более плотно, густо (о воздухе, дыме, облаках)
Чэйгин хойуутук кээс. И. Гоголев Кутар күүс ардахпыт хойуутук курулаан Тохтообот күүстээхтик тоҕунна. Күннүк Уурастыырап Чугастааҕы от-мас уунан ибиирбиттии күкээрэн олорор гына хойуутук сиик түспүт этэ. Далан
Өссө холобурдар (1)
Мэлиэтий аҕабыыт -- хойуутук буруолуур хадьыылатын тутан, таҥара иннигэр евангелие ааҕа турар Эрилик Эристиин
5 #
Дорҕоонноохтук иһиллэр гына, намыһахтык (үксүгэр эр киһи саҥатын этэргэ)
Нууччалыы Полнозвучно, низко, густо (обычно о мужском голосе)
Барылыыр оптуобус хойуутук орулуо, Тирдиргии-сирдиргии, күскэйэ сүүрүөҕэ. Күннүк Уурастыырап Ганя хойуутук күлэн күһүгүрэттэ. Н. Заболоцкай Барыларыттан ордук Данило арыт хойуутук бааҕыныыр, арыт сытыытык часкыйталыыр саҥата иһиллэр. Л. Толстой (тылб.)