ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холбороҥ

Нууччалыы белый-пребелый, белейший

1 #

холбороҥ маҥан фольк. – туус, хаар маҥан, кылбаа маҥан

Нууччалыы Белый-пребелый, белейший

  • Түөлбэ хаан түһүлгэни Саргылаах Сайсары аар-саарга аатырбыт Ытык Булгунньаҕын аттыгар Күөрэҕэйдээх Күөрээйи хомураҕы хоҥнорботох холбороҥ маҥан хонуутун ортотугар туруоран кэбиспиттэрэ. "Чолбон". Тоҕус уон тоҕус үрэх холбоһон куугунаан киирэн, холбороҥ маҥан, уҥуоргута биллибэт, улаҕата көстүбэт уһун дураар толоон-хочо килбэйэр киинэ.
    Суорун Омоллоон
  • [Трактордаах Ыстапаан] Холбороҥ маҥан бааһынаны Хоруо курдук силэйэн -- Иэн иҥиирин курдук Илдьи сыыйан истэ
    Е. Иванова

2 этии #

Этиилэр

Холбороҥ маҥан хочо

Необъятная белая долина.

  • Холбороҥ маҥан хочоҕо Хойуу ньаассын от үүнэрин тухары, -- Сэт-сэлээн ситиэхтин, Өлүү-охсуһуу сүтүөхтүн. Пьесалар-198 7. Үрүҥ хаарынан тэлгэммит холбороҥ маҥан хочо тэнийэн сытар. "Чолбон"

«Х» буукуба