ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холбуй

туохтуур

Нууччалыы снимать, собирать что-л. с поверхности чего-л.

туохтуур

Ханнык эмэ убаҕас астан үрдүн (хол., үүт чөчөгөйүн, миин хоргунун) баһан ыл

Нууччалыы Снимать, собирать что-л. с поверхности чего-л. (напр., сливки с молока, накипь с бульона)

  • Биир күөс балыктан хотунум Биэс кытах хоргуну холбуйбутун Өтөкөөһө эмээхсин бокуонньусса Өлүөр диэри номох оҥостубута.
    К. Туйаарыскай
  • [Былыр] сэппэрээтэр суох этэ, ол иһин үүтү ыан баран сэттэ хонукка оҥкучахха туруоран, сүөгэйин холбуйан ылаллара уонна арыылыыллара. АЕЕ ӨҮОБ. Үүт үрдүн холбуйан отут-сүүрбэ биэс-сүүрбэ бырыһыан сыалаах чөчөгөйү ылыллар уонна хойдуор диэри ытыйыллар. Дьиэ к. Ср. монг. халмах ʽснимать сверху (напр., сливки с молока, жир с супа)’

«Х» буукуба