ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холкутаа

туохтуур

Нууччалыы стать свободнее, ослабнуть, разболтаться

1 туохтуур #

Ыга ылбат, туппат гына холку, босхо буол

Нууччалыы Стать свободнее, ослабнуть, разболтаться

  • Ханна эрэ холкутаабыт суха мастарын ытаһалаан чапчыйаллар.
    Эрилик Эристиин
  • Били илиитин баайбыттара холкутаан, илиитэ хамсыыр буолла.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Бу буолта эбэтэр биинтэ эрэдэһиннээх биһилэх хотууру бигэтик тутар. Холкутаатаҕына, эбии эрийэҕин
    ПАЕ ЭАБ

2 туохтуур #

Долгуйбутун, ыксаабытын ааһан, уоскуйбут курдук буол

Нууччалыы Успокаиваться, расслабляться

  • Маратик, дьэ холкутаабыттыы, атаҕын тыылыы тэптэ.
    А. Сыромятникова
  • Билэр дьоммут киирэн кээлтэрин көрөн, хайа муҥун, биһиги дьэ холкутаатыбыт. ИСА. Биһиги көрдөхпүтүнэ, генерал хамандыырбытын кырбыах курдук, онтон сыыйа холкутаата
    ПИМ ДьТ
  • Арыыйда буолан кэҥээ, сэргэхсий (хол., ыалдьарыҥ намыраан). Θ Облегчённо вздохнуть, отойти (напр., после приступа болезни). Сүрэҕэ эмискэ хам тутан баран, дьэ ыытан, холкутаата

«Х» буукуба