ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холуоһа

аат тыл

Нууччалыы галоши.

1 аат тыл #

Сииктэн харыстыыр, хаатыҥка, бачыыҥка таһынан кэтиллэр эрэһиинэ атах таҥаһа

Нууччалыы Галоши. Коля -- холуоһатын тумсун көрбөхтөөтө, ууллаары дьиппинийбит инчэҕэй хаары тэппэхтээтэ. Амма Аччыгыйа. Сотору Кеша холуоһанан саллыахайдаан тахсан, кирдээх уулаах солуурун тоҕон кэллэ. Н. Габышев. Быйыл күһүн сиэним уол оскуолаҕа киирэр, ийэтэ хаатыҥкатыгар холуоһа ылбата диэн ытыы-соҥуу бөҕө. Г. Николаева (тылб.)

2 этии #

Нууччалыы Поставить кого-л. в неловкое положение, (соотв. посадить в галошу). [Ньукулай] наар күрүөйэх олоҕо куһаҕанын, бэйэтэ тугу да билбэт, үөрэҕэ суох хараҥа буолан, куһаҕан киһи холуоһатыгар олорсон, эрэйгэ-сорго, саакка-суукка түбэспитин туһунан кэпсээхтиир

Этиилэр

Холуоһаҕа олорт (олорус)

кими эмэ албыннаан кыбыстыылаах балаһыанньаҕа киллэр, куһаҕаҥҥа тэп Г.

  • Колесов. Кыраҕа албынныыр буоллаҕына улахаҥҥа олох даҕаны кураанах холуоһаҕа олордууһук.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Биһиги өстөөҕү бэйэтин холуоһаҕа олордуохтаах этибит, кини албынын тута чуҥнаан, билэ охсуохтаахпыт. ''ХС"

«Х» буукуба