ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хомо

аат тыл

Нууччалыы залив

English bay

1 аат тыл #

Нууччалыы залив

English bay

  • өрүс хомото
    речной заливa river bay

2 аат тыл #

Өрүс, муора кытылга бүөрдүү үтэн тахсыбыт, чычаас түөлбэ уута эбэтэр өрүс күһүөрү уу түстэҕинэ бысталанан хаалар тас үөһэ, төбүлэҕэ

Нууччалыы Часть водного пространства, вдавшаяся в сушу, залив

  • Хоту сырыттахха, Тиксии диэн улахан, акыйаан ааллара кэлэн тохтуур хомолоро баар.
    Далан
  • Улуу өрүс хочотугар Куба түһэр хомотугар, Ыйырбахтаан ылар курдук Эҕирийэн тыына турдум.
    Л. Попов
  • Өрүс хомотун үрдүк биэрэгин үрдүгэр ыт мунна баппат хойуу арыы талах иһигэр балыксыт балаакката саһан турбута хас да хонно
    В. Ойуурускай

«Х» буукуба