ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хоруол

аат тыл

Нууччалыы один из титулов монарха, а также лицо, имеющее этот титул, король, правитель

Ис хоһооно · 5
I

1 аат тыл #

Монарх былааһа салайар дойдуларыгар үрдүк сололоох киһи, ыраахтааҕы аата

Нууччалыы Один из титулов монарха, а также лицо, имеющее этот титул, король, правитель

  • Хоруоллар тапталлаах арыгылара Бииктэр куолайын уотунан салаабытынан киирдэ.
    Л. Попов
  • Хоруол былааһын нэһилиэстибэ быһыытынан оҕолоругар туттарар кыахтааҕа
    АЕВ ОҮИ

2 аат тыл #

Ханнык эмэ үлэҕэ, дьарыкка уһулуччу ситиһиилэммит киһи

Нууччалыы Человек, обладающий большим капиталом, король, магнат

  • Япония "нефтяной хоруолларын" уон алта чааһынай дьиэлэригэр дьэҥдьиир оҥоһулунна
    Кыым

3 аат тыл #

саахымат. Саамай сүрүн харыстанар фигура

Нууччалыы Шахматная фигура, король

  • Хоруол ферзь курдук хаамар гынан баран, хайа баҕарар диэки биир эрэ хонууга хаамар
    ПВН СБК

4 аат тыл #

хаарты. Хоруоналаах эр киһи ойуулаах хаарты хараҕа

Нууччалыы Игральная карта с изображением мужчины в короне, король

  • Хоруолунан түһэн сиэ
II

5 аат тыл #

, түөлбэ. Маһынан, дулҕанан, эрэһиинэнэн оҥоһуллубут улахан кус мончууга, атын мончууктартан саамай көстүүлээхтэрэ (үксүгэр андыны бултуурга тут-лар)

Нууччалыы Самое крупное чучело на уток (обычно на турпанов, ставят на самом видном месте озера или реки), манок

  • Хаас хоруола. ЯРС. Дулҕа быыһыгар хоруол атаҕын төрдө турарын көрбөккөбүн, хаарыан укпун тосту тардан кэбистим.
    И. Сосин
  • Үөр тураахтар, анды хоруолун олордубуттуу, ыраахтан лөһүгүрээн харааран көстөллөр
    ХС

«Х» буукуба