Перевод с якутского
хохучуол
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы неровная, пересеченная местность, по которой неудобно ходить
1 аат тыл #
Сылдьарга табыгаһа суох, адаар сир
Нууччалыы Неровная, пересеченная местность, по которой неудобно ходить
Хохучуоллаах суолунан кэлэммин, атым доҕолоҥноото. СГФ СКТ. Хохучуол үктэллээх тыа кырсынан хорсоох саппыкылаах киһим аҕыйахта саллыр тэбэн, кып-кыһыл айаҕын атан, анаҕастарын килэппит эһэлиин, утуу-субуу тиити утарыта кууһа түстүлэр ХС
2 даҕааһын #
суолт., кэпс. Бөппүрүөк, хадаар, иирсээннээх (киһини этэргэ)
Нууччалыы Несговорчивый, пререкающийся, упрямый, ершистый (о человеке)
Очуурабаны кылаабынай экэнэмиис оҥоруоҕу анараа киһи миэстэтин туран биэриэ суоҕа. Бэйэтэ эмиэ хохучуол киһи. С. Никифоров Үксүн чобуо дьэллэм, туой хохучуол, чокуур бэйэтэ, Анфиса өр саҥарбакка аан хоско дьыбааҥҥа дьылыйан олорбута Н. Габышев
3 этии #
Хохучуол төрдө кэпс. –иирсээн, айдаан төрдө ТТИГ КХКК
Нууччалыы Повод для раздора, скандала, причина ссоры. [Тойон Ньургун бухатыыр икки Үрүҥ Уолан бухатыыр] Хохучуол төрдө буолбут Кокуосканан хомпуустастылар