ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

худуоһунньук

аат тыл

Нууччалыы художник, живопец

1 аат тыл #

Кыраасканан хартыына суруйарга идэлээх киһи

Нууччалыы Художник, живопец

  • Эн, Харковь кыыһа, Эдэр нарын илиигинэн Ийэ дойдум кырааскатын Холустаҕа иҥэрэр Худуоһунньук эбиккин.
    С. Васильев
  • Леонардо да Винчи худуоһунньук быһыытынан киһини уонна кини чувствотын ордук кэрэхсиирэ
    АЕВ ОҮИ

2 аат тыл #

Ускуустуба ханнык эмэ салаатыгар уус-уран айымньыны айар дьоҕурдаах киһи

Нууччалыы Человек, который творчески работает в какой-л. области искусства, художник

  • Киһи аймах култууратыгар кэрэ кылааты киллэрбит тыл гениальнай худуоһунньуктарын килбиэннээх кэккэтигэр Польша улуу бэйээтэ Адам Мицкевич биир бочуоттаах миэстэни ылар. Софр. Данилов. Суорун Омоллоон бэйэтэ айбыт алгыстаах Айыы сээнин курдук күн санаалаах худуоһунньук
    Н. Габышев

«Х» буукуба