ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чампарык

аат тыл

Нууччалыы всякий выступ, выдвинувшийся навесом, свод, навес

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Чаампы курдук өтөн тахсыы

Нууччалыы Всякий выступ, выдвинувшийся навесом, свод, навес

  • Хайалартан нарыннарын Лаппынаны көрбүтүм, Чампарыгын таастарын Чаҕылларын сөхпүтүм.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сайылык дьиэбит буоллун диэн Саары таҥалай халдьаайыга Аҕыс чампарыктаах, Тиһик дьарҕаалаах Даладыйар туос ураһаны Тардан кэбиспиттэр эбит.
    П. Ядрихинскай
  • Бааһына уута сыыр чампарыгыттан биэс уонча хаамыы сири түгэҕэ көстүбэт аппа буолуор диэри хайа түспүт.
    ТМ ДК

2 аат тыл #

Күөл, өрүс кытылын мууһуруута, муус тиэрбэһэ

Нууччалыы Ледяное кольцо, лёгкое оледенение воды у берегов водоёма (напр., озера, реки)

  • Очуос Хайа Ойуун обургу муус килиэ, таллан Дьааҥы чампарыктарын көрөн сүүрэлэҥнээт, -- хаһыытаан дэлбэритэ барда
    Д. Апросимов

3 аат тыл #

түөлбэ. Олох сыарҕа кэннигэр талаҕынан иэҕэн оҥоһуллубут өйөнөр

Нууччалыы Спинка у ездовых нарт, изготовленная из ивы

  • Чампарыктаах сыарҕа

4 аат тыл #

түөлбэ. Оҕо биһигин төбө өттүгэр өҕүллүбүт талах дуҕа

Нууччалыы Обруч или дуга (дужка) над изголовьем детской люльки, колыбели (обычно из ивы)

  • Үс чампарыктаах, Сэттэ биттэхтээх, Күөлэ маҥан биһик иһигэр -- Аалай мохсоҕол кыыл -- Үрүҥ көмүс эмсэҕи Туора уоппут.
    Д. Говоров
  • Ср. эвенк. чампарик ‘дужка детской люльки’, кирг. чамҕарах ‘гнутые палочки, вставляемые крест-накрест в түндүк и завершающие деревянный остов юрты’

«Ч» буукуба