ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чарапчы

аат тыл

Нууччалыы навес, козырёк

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Ардахтан, күн уотуттан хаххалыыр, туохха эмэ сыһыары эбэтэр икки-түөрт туруору баҕана үрдүнэн оҥоһуллар хахха, чаампы, чампарык

Нууччалыы Навес, козырёк (крыша на весу или на столбах)

  • Истээх сонун таһааран дьиэтин чарапчытыгар ыйаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Таака оҕонньор, атыттан түспэккэ эрэ, балаҕан чарапчытын тоҥсуйан тобугуратта.
    Р. Кулаковскай
  • Дьиэбит аанын үрдүнэн чарапчы анныгар саһан туран тобураҕы ытыспыт иһигэр түһэрээри илиибит адаарыҥнас
    С. Маисов

2 аат тыл #

Хайа туруору сыырыгар, сирэйигэр баар оҥхой үөһээҥҥи сабарайдыыр кырыыта

Нууччалыы Закраина, выступающая на склоне горы или верхняя кромка углубления в скале

  • Суорба таас чарапчытыгар хаардаах бугул саҕа уйа туттан төрүү сытар аарыма хотой өрө көттө.
    И. Гоголев
  • Суланньа суоһар тойоннуун көрсүһүөхтээх очуоһун кимистигэс хаспаҕын чарапчытыгар -- бүгэн сыппытым.
    Н. Абыйчанин
  • Балааккам хайа чарапчытын анныгар турара. Д. Дефо (тылб.)

3 аат тыл #

Көмүлүөк оһох үрдүнэн иһит уурар, тугу эмэ куурдар долбуур эбэтэр хаптаһын оҥоһуу

Нууччалыы Полка или доска над отверстием камелька для посуды и сушки чего-л

  • Быргый дьиэтин дуомун титирик чарапчылаах сутуруо оһох уота сырдатан күлүмүрдэтэ турбута.
    Күндэ
  • Ылдьаа көмүлүөк чарапчытыттан испиискэ хаатын булан ылла.
    И. Гоголев
  • Дьиэ-уот тэрилин, иһит-хомуос ааттара: сэргэ, баҕана, талкы, орон, хамса, чарапчы, чороон…
    ХС

4 аат тыл #

барыпчы диэн курдук. Оҕонньор чарапчытын кэппит

5 аат тыл #

Сүүскэ кэтиллэр кыһыл көмүс киэргэл

Нууччалыы Золотое украшение, надеваемое на лоб, налобник

  • Үрүҥ сукуна сонун кэппит, мэтээлин, куортугун иилиммит, көмүс чарапчытын килэччи бааммыт, оруоскатын туппут.
    Суорун Омоллоон
  • [Суоһалдьыйа Толбонноох:] Дьоллоох этим мин даҕаны: Үрдүк сүүспэр кыһыл көмүс Чарапчыны анньынарым.
    П. Тобуруокап
  • Иккис сэргэҕэ – хаппар, көмүс чарапчы, кыалык, хатат, дэйбиир
    ХС

6 аат тыл #

түөлбэ. Таба инники кэйэр муоһа

Нууччалыы Надглазничные отростки рогов у оленя

  • Үөр таба ортотуттан сүүрэн иһээччини чарапчытыттан туттарар. "Чолбон". Кырдьаҕас уонна аттанар атыырдар кэйэр чарапчыларын уонна сүрүн муостарын сарбыйаллар. ССП ЫН

7 этии #

Чарапчылаах көрүөҕэ, бэргэһэлээх истиэҕэ түөлбэ. – сэрэн, туттун: быһыыгын-майгыгын, тэбэнэккин, чугас дьонуҥ буолуохтааҕар, көрүө суох көрүөҕэ, истиэ суох истиэҕэ диэн этии

Нууччалыы Ничего ни от кого скрыть нельзя, все всё узнают (букв. увидит и тот, у кого налобник, услышит и тот, на ком шапка)

«Ч» буукуба