Перевод с якутского
чачар
туохтуур
Нууччалыы иметь желтоватый, рыжеватый оттенок
туохтуур
Сырдык кугастыҥы, араҕастыҥы, саһархайдыҥы өҥнөөх буол, оннук өҥнөөх буолан көһүн
Нууччалыы Иметь желтоватый, рыжеватый оттенок (напр., о цвете волос)
Бу оруктаах тиит мутугар туох эрэ чачаран көстөр.
Суорун ОмоллоонУһун кугастыҥы баттаҕын икки суһуоҕунан кэннинэн түһэрэн кэбиспитэ кэһиэччигин тэллэҕэр тиийэ түһэн чачаран көстөр. Н. Павлов Тиит төбөтүгэр санньыйан эрэр күн кытарымтыйбыт уотун сайылык хагдаҥ ньууругар кутар. Бары-барыта чачаран, алтан аалыыта дуйданан көстөр. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Сэмэн Сэмэнэбис кичэйэн туран чачаран эрэр күрэҥ баттаҕын тараанна. Сиэн Чолбодук. Тэҥн. саһар